Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 85 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид үҥүүтэ.

1 Давид үҥүүтэ. Болҕойон иһит мин этэрбин, Айыы Тойон, уонна миэхэ хардар; мин дьадаҥыбын, кыһалҕалаах киһибин.

2 Араҥаччылаа олохпун, мин Эйиэхэ бэриниилээхпин; быыһаан ыл, Айыы Таҥара, Эйиэхэ эрэмньилээх кулуккун.

3 Абыраа миигин, Айыы Тойон, Эйигин мин уһун күнү быһа ыҥырабын.

4 Үөрт кулутуҥ дууһатын, мин дууһам Эйиэхэ үөһэ дьулуһар.

5 Үтүө санаалааххын Эн, Айыы Тойон, бырастыы гынаҕын, Эйигин ыҥырар дьону барытын муҥура суох таптыыгын.

6 Иһит, Айыы Тойон, мин үҥэрбин, болҕой ааттаһар саҥабын.

7 Эриирдээх күммэр Эйигин ыҥыран эрэбин, Эн миигин истиэҕиҥ.

8 Ким да суох Эн курдук, Айыы Тойон, таҥаралар ортолоругар, ким да оҥорор кыаҕа суох Эн оҥороргун.

9 Айбыт норуоттарыҥ, бука бары кэлэннэр, Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүөхтэрэ, Айыы Тойон, Эн ааккын кинилэр айхаллыахтара.

10 Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун, Эйигиттэн атын Таҥара суох.

11 Үөрэт миигин, Айыы Тойон, Бэйэҥ суолгар, оччоҕо мин Эн кырдьыккынан сылдьыаҕым; Эн ааккыттан толлорум курдук, мин сүрэхпин бигэ оҥор.

12 Бүтүн сүрэхпинэн Эйигин айхаллыам, Айыы Тойон Таҥарам, үйэм тухары Эн ааккын уруйдуом.

13 Эн миэхэ бигэ тапталыҥ муҥура биллибэт сүдү; мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕиттэн өрүһүйдүҥ.

14 Айыы Таҥара, улуутумсуктар миигин утары өрө турдулар; баламат дьон, түмсэннэр, олохпор суудайдылар, кинилэр иннилэригэр Эйигин көрбөттөр.

15 Оттон Эн, Айыы Тойон, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах, улуу тулуурдаах, муҥурун булларбат бигэ тапталлаах, эрэбиллээх Таҥараҕын.

16 Оо, хайыс миэхэ, миигин абыраа, кулуккар күүстэ-сэниэтэ салҕаа; кулут кыыһыҥ уолун быыһаан ыл.

17 Айыы Тойон, үтүө сыһыаныҥ бэлиэтин миэхэ көрдөр; Эн миэхэ көмөлөспүккүн, уоскулаҥы биэрбиккин көрөннөр, миигин абааһы көрөөччүлэр сааттыннар.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan