Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 7 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Вениамин аҕатын ууһуттан төрүттээх Хус туһунан Давид Айыы Тойоҥҥо ыллаабыт ытабыл ырыата.

2 Айыы Тойон Таҥарам, Эйиэхэ мин эрэнэбин; бары күөмчүһүттэрбиттэн миигин быыһаа, өрүһүй.

3 Хахай кыыл курдук, өстөөҕүм тырыта тыыппатын, харыһыйтарар кимим да суоҕар соһон илдьэ барбатын.

4 Айыы Тойон Таҥарам, өскөтүн мин чахчы итинник кэбилэммит, итинник мөкүтүк дьүһүлэммит буоллахпына,

5 биитэр мин, бэл төрүөтэ суох миэхэ өстүйбүтү өрүһүйээччи, эйэ-дэмнээх киһибэр куһаҕанынан төлөөбүт буоллахпына,

6 оччоҕуна өстөөҕүм, ир суолбун ирдээн, ситэн ылыахтын; олохпун сиргэ-буорга тэпсиэхтин, дууһабын хара быылынан тибиэхтин. Села

7 Туруй, Айыы Тойон, уордайан; турун, илбиһирбит өстөөхтөрбүн утаран; уһугун мин туспар – Эн көнө дьүүлү ирдээбитиҥ.

8 Норуоттар, түмсэннэр, Эйигин тула турдуннар; Эн үөһэ тахсан олор кинилэр үрдүлэринэн.

9 Айыы Тойон норуоттары дьүүллүүр. Дьүүллээ миигин, Айыы Тойон, кырдьыкпынан, сүрэҕим ырааһынан көрөҥҥүн.

10 Тохтуохтун хара дьайдаахтар дьайдара, оттон көнө киһини Эн бөҕөргөт, сүрэҕи-быары тургутар, кырдьыгы көрөр Таҥара.

11 Таҥара – мин куйаҕым, Кини көнө сүрэхтээхтэри быыһыыр.

12 Таҥара – кырдьыктаах судьуйа, хайа да күн кытаанах ирдэбиллээх Таҥара.

13 Көммөттөрү утары Кини кылыһын сытыыланар, кинилэри ытаары, ох саатын кирсин тардар;

14 өлөрөр сэбин-сэбиргэлин тэринэр, уоттаах оноҕостору бэлэмнэнэр.

15 Көр, ол хайдах хара дьайы истэригэр үөскэтэн, өһүөнү-өһөгөйү иитиэхтээн, албыны-көлдьүнү төрөтөллөрүн.

16 Иин бэлэмнииллэр, онтуларын хаһан бүтэрэллэр, итиэннэ хаспыт ииннэригэр бэйэлэрэ иҥнэстэллэр.

17 Өһүөннэрэ бэйэлэрин төбөлөрүгэр эргийэр, өһөгөйдөөх дьайыылара бэйэлэрин оройдоругар түһэр.

18 Кырдьыгы көрөрүн иһин, мин Айыы Тойону айхаллыам, Үрдүктэн Үрдүк Айыы Тойон аатыгар ырыа ыллыам.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan