Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 5 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Хуор салайааччытыгар. Флейта доҕуһуолунан. Давид псалома.

2 Иһит, Айыы Тойон, Эйиэхэ этэрбин, өйдөөн иһит мин энэлийэрбин.

3 Болҕой үөгүлүүр саҥабын, Ыраахтааҕым миэнэ, Таҥарам. Эйиэхэ мин үҥэбин.

4 Айыы Тойон, тыҥ хатыыта Эн истэҕин мин саҥабын; мин тыҥ хатыыта кэлэммин, Эн иннигэр турабын, Эйигин кэтэһэбин.

5 Эн кэрээнэ суох быһыыны сөбүлээбэт Таҥараҕын; нэгэй киһи Эйиэхэ ыалдьыттаабат.

6 Киһиргэс Эн иннигэр кэлэн турбат; кэрээннэрин сүтэрбиттэри Эн барыларын абааһы көрөҕүн.

7 Сымыйаны саҥарааччылары өлөрөҕүн; хаанымсахтан, албынтан Айыы Тойон сиргэнэр.

8 Оттон мин, Эн муҥура суох үтүөҕүнэн, Эн Дьиэҕэр киириэм; Эйигиттэн толлон тураммын, сибэтиэй Храмҥар сүгүрүйүөм.

9 Айыы Тойон, Бэйэҥ кырдьыккынан миигин өстөөхтөрүм быыстарынан сирдээ, Эйигин батыһар суолбун дэхсилээ.

10 Кинилэр тылларыгар кырдьык диэн суох: сүрэхтэрэ – өлөрөр-өһөрөр санаа, бэлэстэрэ – иин маҥалайа, тыллара-өстөрө – албын-ньымаат.

11 Айыы Таҥара, Эн кинилэри буруйдаа, оҕуруктаах куомуннарыттан бэйэлэрэ оҕуттуннар; халыҥ аньыыларын иһин киэр кыйдаа: кинилэр Эйигин утары өрө турбуттара.

12 Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн, үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн; Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар кинилэри Эн араҥаччылаа.

13 Айыы Тойон, Эн кырдьыгы тутуһааччыны алгыыгын, үтүө сыһыаҥҥынан кинини куйахтыы харыстыыгын.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan