Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 49 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Асаф псалома.

1 Асаф псалома. Таҥаралар Таҥаралара, Айыы Тойон, саҥарар – күн күөрэйэр саҕаҕыттан арҕааҥҥа диэри Кини сири ыҥырар.

2 Сионтан, эҥкилэ суох кэрэ куораттан, Таҥара килбиэннээх сырдыга сыдьаайар.

3 Биһиги Таҥарабыт тиийэн кэлиэҕэ, Кини кэлиитэ чуумпу буолуо суоҕа: иннигэр суостаах уот оргуйуоҕа, тулатыгар добун буурҕа ытыллыаҕа.

4 Норуотун дьүүллүүрүгэр кэрэһит оҥостоору, Кини үөһэттэн халлааннары уонна сири ыҥырар:

5 «Мунньуҥ Миэхэ сибэтиэйдэрбин, Миигин кытта, сиэртибэ биэрэн, сөбүлэһии түһэрсибиттэри!»

6 Айыы Таҥара Бэйэтинэн судьуйалыыр, ол иһин халлааннар Кини кырдьыктааҕын биллэрэллэр. Села

7 «Иһит, норуотум, Мин этэрбин; Израиль! Мин эйигин утары туоһулуубун. Мин Таҥарабын, эйиэхэ Таҥараҥ буолабын.

8 Сиэртибэ биэрбэккин диэн, эйигин сэмэлиэм суоҕа – уматан биэрэр бэлэххин өрүү көрөбүн.

9 Мин ылыам суоҕа оҕуһу Эн дьиэҕиттэн, козеллары – тиэргэҥҥиттэн.

10 Тыа кыыла барыта – Миэнэ, тыһыынчанан томторго мэччийэр сүөһү эмиэ – Миэнэ;

11 хайаҕа баар көтөрү ааҕа билэбин, хонууга сылдьар кыыл эмиэ барыта – Миэнэ.

12 Аччыгым да буоллар, Мин эйиэхэ этиэм суоҕа этэ – аан дойду уонна онно баар барыта – Миэнэ.

13 Сиирим буолуо дуо Мин оҕус этин, иһэрим буолуо дуо козел хаанын?

14 Махталы эн Таҥараҕа сиэртибэлээ, Үрдүктэн Үрдүккэ эрэннэрбиккин толор.

15 Кыһалҕалаах күҥҥэр Миигин ыҥыр; Мин эйигин өрүһүйэн ылыаҕым, оччоҕо эн Миигин айхаллыаҕыҥ».

16 Оттон нэгэйгэ Таҥара этэр: «Тоҕо Мин сокуоннарбын үөрэтэҕин, тоҕо Мин кэс тылбын эн ырытаҕын?

17 Бэйэҥ буоллаҕына Мин үөрэтэрбин абааһы көрөҕүн, Мин тылбын кэнниҥ диэки эһэн иһэҕин.

18 Уоруйаҕы көрдөххүнэ, куодарыһаҕын, көссүүлэһээччилэри кытта алтыһаҕын.

19 Уоһуҥ куһаҕаҥҥа дөбөҥнүк өһүллэр, тылыҥ албыны кэбэҕэстик тиһэр;

20 бырааккын утары тыллаһа олороҕун, бэйэҥ ийэҥ оҕотун холуннараҕын.

21 Эн итинник быһыыланаргын Мин саҥарбат этим, ол иһин Миигин бэйэм курдук дии санаабыккын. Дьэ билигин эйигин дьарыйабын, буруйгун иннигэр ууран биэрэбин.

22 Өйдөөҥ маны эһиги, Таҥараны умнааччылар; эбэтэр, Мин эһигини, хахай курдук, хайа тардыаҕым, онно эһигини ким да өрүһүйэн ылыа суоҕа.

23 Ким Миэхэ махталы сиэртибэлиир, ол Миигин ытыктыыр. Суолун-ииһин болҕойор киһиэхэ Мин Таҥара быыһыырын көрдөрүөҕүм».

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan