Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 26 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Айыы Тойон – олоҕум сырдыга, мин Быыһааччым; кимтэн мин куттаныамый? Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам; кимтэн мин дьулайыамый?

2 Өһөгөйдөөхтөр, миэхэ кимэн киирдэхтэринэ, күөмчүлээччилэрим уонна өстөөхтөрүм, тыыннаахтыы ыйыстыахтарын баҕардахтарына, бэйэлэрэ бүдүрүйэн охтуохтара.

3 Халыҥ сэрии да миигин утары саба халыйан кэллэҕинэ, сүрэҕим онтон эймэнийиэ суоҕа; уот сэрии да миигин утары өрө күөдьүйдэҕинэ, онно даҕаны мин эрэлбин энчирэтиэм суоҕа.

4 Биири мин Айыы Тойонтон көрдөһөрүм, биири эрэ көрдүүбүн: олоҕум устатын тухары Айыы Тойон Дьиэтигэр олорорбун, Айыы Тойон кэрэ килбиэнин көрөрбүн, Кини Храмыгар сылдьарбын.

5 Оччоҕо алдьархай ааҥныыр күнүгэр Бэйэтин хаххатыгар Кини миигин кистиэҕэ, олорор Отуутугар саһыарыаҕа, очуос оройугар таһаарыаҕа.

6 Оччоҕо мин иилээн турар өстөөхтөрбүн үөһэттэн өрөгөйдүү көрүөҕүм, Кини ытык Отуутугар киирэммин, үөрэ-көтө, Киниэхэ сиэртибэ биэриэҕим; Айыы Тойону туойуоҕум, айхал ырыатын ыллыаҕым.

7 Иһит, Айыы Тойон, мин үөгүлүүр саҥабын, аһын-харыһый миигин, иһит Эйигин ыҥырарбын.

8 Сүрэхпэр: «Миигин көрдөөҥ», – диэн, Эн этэриҥ иһиллэр. Мин Эйигин көрдүөм, Айыы Тойон.

9 Миигиттэн киэр хайыһыма. Оо, уордайан кулуккун киэр анньыма, Эн миэхэ өрүү көмөлөһөрүҥ эбээт; быраҕыма миигин, хаалларыма, Айыы Таҥара, Быыһааччым миэнэ!

10 Аҕалаах ийэм миигин хаалларбыттарын да иһин, Айыы Тойон мин туспар кыһаллыаҕа.

11 Айыы Тойон, миигин үөрэт Бэйэҥ суолгар, көнө суолунан сирдээ өстөөхтөрүм тустарыгар.

12 Утарсааччыларым көҥүллэригэр биэримэ; ити сымыйа туоһулар миигин утары турдулар, өһүнэн-сааһынан уһуурдулар.

13 Ол эрэн, мин Айыы Тойон үтүө сыһыанын бу тыыннаахтар сирдэригэр көрүөм диэн итэҕэйэбин.

14 Эрэн Айыы Тойоҥҥо; эрдий, эр сүрэхтэн, эрэн Айыы Тойоҥҥо.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan