Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 24 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Эйиэхэ, Айыы Тойон, дууһам үөһэ дьулуһар.

2 Айыы Таҥарам, Эйиэхэ мин эрэнэбин; миигин кыбыстыыга киллэртэримэ, өстөөхтөрбүн сэтэрэтимэ.

3 Эйиэхэ эрэнээччилэртэн ким да кыбыстыбатын, Эйигин утары уодаһыннаахтык туруммут, ол сааттын.

4 Ыйан биэр миэхэ, Айыы Тойон, Бэйэҥ суолларгын, үөрэт Эн ыллыктаргынан сылдьарга.

5 Салай Бэйэҥ кырдьыккар, үөрэт миигин; Эн буолаҕын мин быыһабыллаах Таҥарам, Эйиэхэ хайа да күн эрэнэбин.

6 Ахтан-санаан кэл, Айыы Тойон, үйэлэр тухары уларыйбат амарах сыһыаҥҥын, бигэ тапталгын.

7 Ахтыма эдэр сааһым аньыытын, сокуона суох дьайыытын; үтүө санааҕыттан миигин амарахтык аҕын, Айыы Тойон!

8 Айыы Тойон үтүө санаалаах, Кини кырдьыгы көрөр, ол иһин аньыылаахтары көнө суолга үөрэтэр.

9 Көрсүө-сэмэй дьону кырдьыкка салайар, көрсүө-сэмэй дьону Бэйэтин суолугар такайар.

10 Кини кэс тылын, Кини туоһутун тутуһааччыга Айыы Тойон суола барыта – бигэ таптал уонна кырдьык.

11 Бэйэҥ аатыҥ туһугар, Айыы Тойон, буруйбун бырастыы гын, улуу буруйу мин оҥорбуппун.

12 Айыы Тойонтон куттанар дьон кимнээҕий? Айыы Тойон кинилэри талыахтаах суолларыгар үөрэтиэҕэ.

13 Оччоҕо дьоллоох-соргулаах буолуохтара, оҕолоро сири-уоту бас билэн олоруохтара.

14 Айыы Тойон кистэлэҥэ Киниттэн куттанар дьоҥҥо ананар, Кини кэс тылын ирдэбилэ кинилэргэ арыллар.

15 Мин хараҕым хаһан да Айыы Тойонтон арахпат; Кини мин атахпын илим ситимиттэн араарар.

16 Оо, хайыс мин диэки, миигин абыраа-аһын, суос-соҕотохпун мин, баттана-үктэнэ сылдьабын.

17 Олус да элбээтэ сүрэҕим муҥа-таҥа, өрүһүйэн таһаар миигин бу кутурҕантан.

18 Көр мин түбэспит эрэйбин-муҥмун, кыһалҕабын; аньыыбын-харабын барытын бырастыы гын.

19 Көр өстөөхтөрүм төһө үксээбиттэрин, хайдах курдук миигин өлөрдүү абааһы көрбүттэрин.

20 Араҥаччылаа дууһабын, өрүһүйэн ыл миигин, Эйиэхэ эрэммит киһи кыбыстыыга кииримиим.

21 Эҥкилэ суох ыраас сигили уонна кырдьыгы тутуһуу миигин харыстыахтыннар; Эйигин мин туорхаһыйа кэтэһэбин.

22 Айыы Таҥара, Израилы бары эрэйиттэн өрүһүй.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan