Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 23 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Сир уонна сиргэ баар барыта – Айыы Тойон киэнэ, аан дойду уонна онно олорор барыта – Киниэнэ.

2 Кини сири муоралар үрдүлэригэр олохтообута, өрүстэр үрдүлэригэр туруорбута.

3 Ким Айыы Тойон хайатыгар тахсыаҕай? Ким Кини сибэтиэй сиригэр туруоҕай?

4 Кир-дьай киртиппэтэх илиилээх, ыраас сүрэхтээх, дууһатын сымыйаҕа кытыарбатах, албыннаан андаҕайбатах киһи.

5 Кини Айыы Тойон алгыһын ылыаҕа, Быыһааччы Таҥаратын амарах сыһыанын билиэҕэ.

6 Итинниктэр эбээт Киниэхэ дьулуһааччылар, Иаков Таҥаратын көрүөхтэрин баҕарааччылар. Села

7 Тэлэччи аһыллыҥ, олбуор ааннара, мэҥэ ааннар, өрө көтөҕүллүҥ – киириэхтин килбиэннээх Ыраахтааҕы!

8 Кимий килбиэннээх Ыраахтааҕы? Күүстээх Айыы Тойон, бараммат кыахтаах, кыргыһыыга кыайыылаах Айыы Тойон.

9 Тэлэччи аһыллыҥ, олбуор ааннара, мэҥэ ааннар, өрө көтөҕүллүҥ – киириэхтин килбиэннээх Ыраахтааҕы!

10 Кимий килбиэннээх Ыраахтааҕы? Аанньал сэриитин Ыраахтааҕыта, Кини килбиэннээх Ыраахтааҕы. Села

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan