Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Тоҕо норуоттар айманаллар, омуктар кураанахха куомуннаһаллар?

2 Сир ыраахтааҕылара сэриилэһээри тэринэллэр, кинээстэр бииргэ түмсэн киксэллэр, Айыы Тойону уонна Кини Ыраахтааҕытын утараннар:

3 «Сыаптаабыттарын быһа тардыахха, бохсубуттарын булгу охсуохха!» – дэһэллэр.

4 Халлааннарга Олорооччу күлэр, Айыы Тойон кинилэри элэк оҥостор.

5 Онтон Кини абаран-сатаран этиэҕэ, уордайан, кинилэри уолутуоҕа:

6 «Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».

7 Айыы Тойон ыйааҕын Мин иһитиннэриэм: Кини эттэ: «Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм;

8 Миигиттэн көрдөс – Мин Эйиэхэ бары норуоттары биэриэм, сири, сиксигиттэн саҕалаан, Эйиэхэ бас биллэриэм.

9 Эн кинилэри тимир торуосканан сууһартыаҥ, күөс охсооччу иһитинии үлтүрүтэлиэҥ».

10 Онон билигин, ыраахтааҕылар, өйдөнүҥ; сир судьуйалара, эһиги үөрэниҥ.

11 Айыы Тойоҥҥо куттанан туран үлэлээҥ, Кини иннигэр долгуйан туран үөрүҥ-көтүҥ;

12 Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ – Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар, бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа. Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan