Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 149 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Аллилуия. Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо саҥа ырыаны, айхаллааҥ Кинини сибэтиэйдэр түмсүүлэригэр.

2 Үөрдүн-көттүн Израиль Бэйэтин Айааччытыттан; үөрдүннэр Сион уолаттара Ыраахтааҕыларыттан.

3 Үҥкүүнэн Кини аатын айхаллаатыннар; тимпан, лира доҕуһуолунан Киниэхэ ыллаатыннар.

4 Айыы Тойон норуотугар үтүөтүк сыһыаннаһар, кыайыыны бэлэхтээн, сэмэйдэри албан аатырдар.

5 Онон сибэтиэйдэр кэрэмэн килбиэҥҥэ өрөгөйдүөхтүннэр, оронноругар сытан үөрүөхтүннэр.

6 Таҥараҕа уруйу-айхалы уостарыттан түһэрбэтиннэр, икки биилээх кылыстарын илиилэриттэн араарбатыннар

7 норуоттартан иэстэһэр, омуктары уодьуганныыр туһугар,

8 кинилэр ыраахтааҕыларын сыабынан кэлгийэн, баһылыктарын хандалыга бохсон,

9 кинилэри, суруллубутун курдук, дьүүллүүр туһугар. Ол буолуо Кини бары сибэтиэйдэрэ тиксэр чиэстэрэ. Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan