Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 147 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Айхаллаа, Иерусалим, Айыы Тойону! Айхаллаа, Сион, Таҥараҕын!

2 Кини эн олбуордарыҥ олуурдарын чиҥэтэр, эйиэхэ баар оҕолоргор алгыһын биэрэр.

3 Эн тиэргэҥҥэр или-эйэни чэчирэтэр, эйигин бастыҥ сэлиэһинэй бурдугунан аһатар.

4 Илдьит тылын сир устун ыытар; Кини тыла түргэнник тарҕанар.

5 Түүнү үргэҥнэтэрдии, Кини хаары түһэрэр, күлү күдээритэрдии, кырыаны ыһар;

6 толон тобураҕын таастыы тамныыр; ким тулуйуоҕай Кини тоһуттар тымныытын?

7 Кини этиэ эрэ кэрэх – тоҥ муус ууллар, тыалын соруйуо кэрэх, уу устубутунан барар.

8 Кини тылын-өһүн Иаковка иһитиннэрбитэ, сокуоннарын, уураахтарын Израильга биллэрбитэ.

9 Атын ханнык да норуокка ону биэрбэтэҕэ, атыттар Кини уураахтарын билбэттэр. Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan