Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 145 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Аллилуия.

2 Айхаллаа, дууһам миэнэ, Айыы Тойону!

3 Баарым тухары Айыы Тойону айхаллыам; тыыннааҕым тухары Таҥарабар ырыа ыллыам. Эрэнимэҥ кинээстэргэ, кимиэхэ даҕаны – кинилэр эһигини быыһыахтара суоҕа.

4 Тыына быһынна да, киһи сиргэ төннөр, тугу торумнаабыта барыта ол күн үрэллэр.

5-6 Дьоллоох даҕаны Иаков Таҥарата көмөлөһөр киһитэ! Кини сири-халлааны, муораны, онно баары барытын айбыт, үйэлэр тухары итэҕэллээх Айыы Тойон Таҥаратыгар эрэмньилээх.

7 Айыы Тойон күөмчүлэммити көмүскүүр, ааспыты-туорбуту аһатар. Айыы Тойон хаайыылааҕы босхолуур,

8 Айыы Тойон көрбөтү көрөр оҥорор, Айыы Тойон бүк түспүтү көннөрөр, Айыы Тойон көнө дьону таптыыр.

9 Кини кэлии дьону араҥаччылыыр, тулаайаҕы, огдообону өйүүр-убуур, оттон нэгэйдэр суолларын муҥур уһуктуур.

10 Айыы Тойон үйэттэн үйэҕэ ыраахтааҕылыаҕа, Сион, эн Таҥараҥ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салайыаҕа. Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan