Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 143 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Алгыс буоллун Айыы Тойоҥҥо, мин очуос хайабар! Кини миигин сэриилэһэргэ үөрэтэр, кыргыһарга бэлэмниир;

2 Кини миэхэ үтүөтүк сыһыаннаһар, дурда-хахха буолар; Кини мин кириэппэһим, мин Өрүһүйээччим, харым куйаҕа, эрэнэр эрэлим; Кини миэхэ норуоппун бас бэриннэрэр.

3 Айыы Тойон, кимий-тугуй киһи диэн, тоҕо Эн киниэхэ кыһаллаҕын? Кимнээҕий ол дьон диэн, тоҕо кинилэргэ болҕомтоҕун уураҕын?

4 Киһи сиккиэр тыал кэриэтэ; кини күнэ-дьыла күлүк сүүрэрин кэриэтэ.

5 Халлааннаргын иҥнэри тутан, Айыы Тойон, түһэн кэл; хайалары таарыйан, буруолат.

6 Чаҕылҕанынан курбуулаан, кинилэри ыһаттаа, оҕунан ытыалаан, киэр куоттартаа.

7 Үөһэттэн илиигин уунаҥҥын, миигин өрүһүйэн ыл, быыһаа бу дириҥ ууттан, туора уустар илиилэриттэн,

8 албын-көлдьүн тыллаахтартан, сымыйанан андаҕайааччылартан.

9 Айыы Таҥара! Мин саҥа ырыаны Эйиэхэ ыллыаҕым, уон устурууналаах арфаҕа оонньуоҕум –

10 Эйиэхэ, ыраахтааҕыларга кыайыыны бэлэхтээччигэ, кулуккун Давиды кыырыктаах кылыстан быыһааччыга.

11 Өрүһүйэн ыл миигин, быыһаа туора уустар илиилэриттэн – албын-көлдьүн тыллаахтартан, сымыйанан андаҕайааччылартан.

12 Уолаттарбыт уолан саастарыгар модун мастардыы баараҕадыйдыннар; кыргыттарбыт кэрэмэн дыбарыастар чочуонай колонналарын санаттыннар.

13 Ас-үөл эгэлгэтэ дэлэйдик угуллан, ампаардарбыт ыга туоллуннар; иитэр барааммыт үтүмэнник үксээтин, мэччитэр сирдэрбитигэр уонунан тыһыынчанан элбээтин;

14 күрүөлүүр сүөһүбүт эмис-тот, төрөлкөй буоллун; олорор куораппыт эркинин өстөөх көҥү көппөтүн, дьоммутун-сэргэбитин үүрэн-түрүйэн барбатын; уулуссаларбытыгар ытабыл-соҥобул иһиллибэтин.

15 Маннык алгыска тиксибит норуот дьоллоох; Айыы Тойон Таҥаралаах норуот дьоллоох.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan