Саалтыр 141 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Давид үөрэтиитэ. Хайа хаспаҕар сылдьан үҥүүтэ. 1 Давид үөрэтиитэ. Хайа хаспаҕар сылдьан үҥүүтэ. Куолаһым муҥунан мин Айыы Тойону ыҥырдым, куолаһым муҥунан Айыы Тойонтон ааттастым. 2 Кыһалҕабын Киниэхэ кэпсээтим, курус санаабын Киниэхэ арыйдым. 3 Эр санаам энчириир кэмигэр Эн билэриҥ мин сылдьар ыллыкпын. Кэлэр-барар суолбар кинилэр миэхэ, кистээн, угаайы оҥорбуттар. 4 Уҥа өттүбүн көрөбүн: ким да миигин билиммэт; куотар сирим миэхэ суох буолбут, ким да мин туспар кыһаммат. 5 Эйигин мин ыҥырдым, Айыы Тойон, Эйиэхэ эттим: «Эн буолаҕын мин бигэ тирэҕим, бу тыыннаахтар сирдэригэр аналым! 6 Иһит мин энэлгэммин: мин олох эһинним. Күөмчүһүттэртэн миигин өрүһүй – кинилэр миигиннээҕэр күүстээхтэр. 7 Эн ааккын албан аатырдыахпын, миигин хаайыыттан таһаар. Эн миэхэ үтүөтүк сыһыаннастаххына, тулабар көнө дьон мустуохтара». |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia