Саалтыр 138 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Хуор салайааччытыгар. Давид псалома. 2 Айыы Тойон, Эн миигин тургутан көрөҥҥүн билэҕин. Эн билэҕин мин турар да, олорор да кэммин, саныыр санаабын ыраахтан өйдүүгүн. 3 Баран иһэбин дуу, сынньана олоробун дуу, миигин, ытыска уурбуттуу, көрөҕүн, суолбун-ииспин бүтүннүү анаараҕын. 4 Этэр тылым өссө үөскүү илигинэ, Айыы Тойон, Эн ол тылы эндэппэккэ билэҕин. 5 Эн миигин бары өттүбүттэн тулалыыгын, күүстээх илиигинэн араҥаччылыыгын. 6 Дьикти да буоллаҕа миэхэ Эн тугу барытын билэриҥ, үрдүк да буоллаҕа, мин ону ситэн өйдүүр кыаҕым суох! 7 Ханна барыамый Эн Тыыҥҥыттан? Ханна куотуомуй Эйигиттэн? 8 Халлааҥҥа тахсыам дуу – онно Эн бааргын; үтүгэн түгэҕэр түһүөм дуу – онно эмиэ Эн бааргын. 9 Сарыал кынаттарын ыламмын, байҕал уҥуор көһүөм дуу, 10 онно эмиэ Эн илииҥ миигин сирдиэ, онно эмиэ Эн уҥа илииҥ миигин сиэтиэ. 11 Этиэм дуу, баҕар, хараҥа миигин саһыарыа диэн, сырдык мин тулабар түүҥҥэ кубулуйуо диэн; 12 хараҥа да Эйиэхэ хараҥата суох, түүн да сырдык, күнүскү курдук: хараҥа да, сырдык да Эйиэхэ биир тэҥнэр. 13 Эн мындырдаан оҥорбутуҥ мин ис өттүбүн, ийэм иһигэр миигин Эн таҥан өрбүтүҥ. 14 Айхал этэбин Эйиэхэ – Эн миигин сөҕүмэр дьиктитик айбыккын. Дьикти да буоллахтара Эн дьайыыларыҥ! Мин дууһам ону толору өйдүүр. 15 Кистэлэҥҥэ айыллар кэммэр, сир түгэҕэр үөскүүр түгэммэр мин уҥуоҕум чэрчитэ Эйигиттэн кистэммэтэҕэ. 16 Өссө үөскэх эрэ эрдэхпинэ, миигин Эн хараҕыҥ көрөрө; өссө биир да күнүм суох эрдэҕинэ ыйаахтаах күнүм-дьылым барыта Эн кинигэҕэр суруллан сылдьара. 17 Үрдүк да буоллахтара миэхэ Эн санааларыҥ, Айыы Таҥара, үтүмэн да буоллахтара! 18 Ахсааннарын ааҕыам иһин, муора кумаҕынааҕар элбэхтэр. Сарсыарда уһуктарбар мин өссө да Эйигинниин бииргэбин. 19 Оо, Айыы Таҥара, Эн хара дьайдаахтары сууһарарыҥ буоллар! Киэр бараллара буоллар миигиттэн хааҥҥа суудайааччылар – 20 Эйигин утары өһүөннээхтик тыллаһааччылар, Эйигин утары нэгэйдик өрө турааччылар. 21 Хайдах абааһы көрүөм суоҕай, Айыы Тойон, Эйигин абааһы көрөөччүлэри? Хайдах мин сиргэниэм суоҕай Эйигин утары өрө турааччылартан? 22 Ис сүрэхпиттэн мин кинилэри абааһы көрөбүн, кинилэр миэхэ өстөөхтөрүм буолаллар. 23 Иҥэн-тоҥон көр, Айыы Таҥара, бил мин сүрэхпин; чинчийэн көр миигин, өйбүн-санаабын бил. 24 Көр, баҕар, мин кутталлаах суолунан иһэрим буолуо, оччоҕо миигин мэҥэ суолга салайан биэр. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia