Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 136 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Вавилон өрүстэрин үрдүлэригэр олороммут, биһиги, Сиону санааммыт, ытаһарбыт.

2 Ол онно иирэ талахтар быыстарыгар арфаларбытын кистии ыйаабыппыт.

3 Онно биһигини билиэн ылбыттар, ыллааҥ дии-дии, ыххайаллара, биһигини күөмчүлээччилэр көрү-нары ирдииллэрэ, «Сион ырыаларыттан иһитиннэриҥ!» – дииллэрэ.

4 Хайдах биһиги, туора дойдуга сылдьаммыт, Айыы Тойон ырыатын ыллыахпытый?

5 Эйигин умнар күннээх буоллахпына, Иерусалим, уҥа илиим такыччы хатыахтын.

6 Эйигин өрүү өйдүү-саныы сылдьыбатахпына, Иерусалим миэхэ үөрүүм өрөгөйө буолбатаҕына, тылым таҥалайбар хам сыстыахтын.

7 Санат, Айыы Тойон, Едом уолаттарыгар Иерусалим сууллубут күнүн, хайдах кинилэр ол күн: «Үрэйиҥ! Үрэйиҥ! Төрдүттэн эһиҥ!» – дэспиттэрин.

8 Вавилон кыыһа үрэйиэхсит! Дьоллоох да буолуоҕа – эн биһиэхэ оҥорбуккун бэйэҕэр толору төлүүр киһи!

9 Дьоллоох да буолуоҕа – эн кыра оҕолоргун тааска үлтү сабыыр киһи!

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan