Саалтыр 127 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Дабайыы ырыата. 1 Дабайыы ырыата. Айыы Тойонтон сүгүрүйэ толлор, Кини суолунан сылдьар дьон бука бары дьоллоохтор. 2 Эн бэйэҥ үлэлээн-хамсаан айаххын булунуоҥ, дьоллоох-соргулаах, үтүө туруктаах буолуоҥ. 3 Дьиэҕэр кэргэниҥ – виноград толору астаах умнаһа, остуолуҥ тула уолаттарыҥ – маслина маһын лабаалара. 4 Айыы Тойонтон толлор киһи маннык алгыска тиксиэҕэ. 5 Айыы Тойон эйигин Сионтан алҕаатын; үйэҥ тухары эйиэхэ Иерусалим эйэлээх олоҕун көрдөрдүн; 6 уолаттарыҥ уолаттарын эйиэхэ көрдөрдүн. Израиль үрдүнэн эйэ чэчирээтин! |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia