Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 119 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Дабайыы ырыата.

1 Дабайыы ырыата. Кутурҕаҥҥа ылларан Айыы Тойону ыҥырбыппар, Кини миигин иһиттэ.

2 Айыы Тойон, миигин өрүһүйэн ыл сымыйаччылартан, албын тыллаахтан.

3 Тугунан Кини эйиэхэ төлүөҕэй, тугунан өссө ситиһиэҕэй, албын-көлдьүн тыллаах?

4 Күүстээх сэрииһит сытыы оҕунан, кыһыл чохтоох оноҕоһунан.

5 Муҥум эбит бу Мосох аттыгар, Кидар отууларын аттыларыгар олохсуйбутум!

6 Эйэни абааһы көрөөччүлэри кытта мин аһары өр бииргэ олордум.

7 Мин эйэ-дэмнээхпин; оттон кинилэр, саҥарыам эрэ кэрэх, сэриигэ суудайаллар.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan