Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 115 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Муҥур уһукка түстүм да диирим саҕана мин итэҕэлбин энчирэппэтэҕим.

2 Арай уолҕамчы санаабар киһи барыта сымыйаччы диэбитим.

3 Тугунан мин Айыы Тойоҥҥо төлүөмүй Кини миэхэ оҥорбут бары үтүөтүн?

4 Быыһабыл иһитин мин көтөҕүөм, Айыы Тойон аатын ыҥырыам.

5 Кини норуотун бүттүүнүн иннигэр Айыы Тойоҥҥо мэктиэ тылбын толоруом.

6 Айыы Тойон сибэтиэй дьонун өлүүтэ Кини хараҕар улахаҥҥа турар.

7 Оо, Айыы Тойон! Мин Эйиэхэ кулутуҥ буолабын, кулутуҥ буолабын, кулут кыыһыҥ уолабын. Мин кэлгиэбин Эн сүөрбүтүҥ.

8 Махтал сиэртибэтин мин Эйиэхэ аҕалыам, Айыы Тойон аатын ыҥырыам.

9 Кини норуота бүттүүнэ көрөрүгэр, Айыы Тойоҥҥо мэктиэ тылбын толоруом –

10 Айыы Тойон Дьиэтин тиэргэнигэр, эн килбэйэр кииҥҥэр кэлэн туран, Иерусалим! Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan