Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 112 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Аллилуия. Айхаллааҥ, Айыы Тойон кулуттара, айхаллааҥ Айыы Тойон аатын.

2 Алгыс буоллун Айыы Тойон аатыгар аны мантан инньэ үйэлэр тухары.

3 Айхаллана турдун Айыы Тойон аата илинтэн арҕааҥҥа диэри.

4 Айыы Тойон бары норуоттар үрдүлэринэн турар; Кини албан аата халлааннары аһара барар.

5 Ким баарый биһиги Айыы Тойон Таҥарабытыгар холоонноох? Ким Кини курдук, үөһэ турар бүрүстүөлүттэн

6 сири-халлааны сиксигинэн көрө-истэ олороруй?

7 Кини дьадаҥыны сиртэн-буортан өрө тардар, кыраны-хараны киртэн-хахтан таһаарар,

8 итиэннэ кинини кинээстэри кытта, норуотун кинээстэрин кытта биир кэккэҕэ олордор.

9 Кини оҕото суох дьахтары, дьиэ-уот тэрийэн, оҕолоруттан үөрэр ыал ийэтэ оҥорор. Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan