Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Саалтыр 1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


I КИНИГЭТЭ 1–40 псаломнар
1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Ким нэгэйдэр сүбэлэрин истибэт, аньыылаахтар суолларын тутуспат, итэҕэли күлээччилэри эҥээрдэспэт, ол дьоллоох.

2 Айыы Тойон Сокуонуттан кини үөрүүнү булар, ол Сокуону күннэри-түүннэри саныы сылдьар.

3 Кини сүүрүктээх уу аттыгар олордуллубут, кэмэ кэллэ да, аһын биэрэр, кэхтэри билбэт сэбирдэхтээх үөл маска холоонноох; бары дьайыытыгар кини ситиһиилээх.

4 Оттон нэгэй быһыылаахтар чыҥха атыттар – кинилэр тыал ыһар мэкиинэтин курдуктар.

5 Онон тулуйуохтара суоҕа нэгэйдэр Таҥара дьүүлүн, аньыылаахтар – көнө дьон түмсүүтүн.

6 Айыы Тойон көнө дьон суолун билэр, оттон нэгэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan