Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Матфей 17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Дьүһүн уларыйыы

1 Алта хонон баран Иисус Петры, Иаковы уонна кини быраатын Иоанны ылан, үрдүк хайаҕа тахсыбыта.

2 Үөрэнээччилэрин иннилэригэр туран, Кини эмискэ дьүһүнэ уларыйан хаалбыта: сирэйэ күн курдук сандаарбыта, таҥаһа кылбаа маҥан буолбута.

3 Онтон арай көрдөхтөрүнэ, Моисейдаах Илия кэлэн Иисуһу кытта кэпсэтэ тураллара.

4 Петр Иисуска эппитэ: «Тойоммуот! Манна сылдьарбыт үчүгэй даҕаны! Эн баҕарар буоллаххына, биһиги манна үс отууну тутуохпут: Эйиэхэ биири, Моисейга биири, Илияҕа эмиэ биири».

5 Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»

6 Бу саҥаны истээт, үөрэнээччилэр уолуйан сиргэ умса түспүттэрэ.

7 Иисус кэлэн кинилэри таарыйан баран: «Туруҥ, куттанымаҥ!» – диэбитэ.

8 Үөрэнээччилэр өндөйөн көрбүттэрэ – аттыларыгар Иисустан ураты атын ким да суох этэ.

9 Хайаттан түһэн иһэн, Иисус сэрэтэн эппитэ: «Киһи Уола өлөн баран тиллиэн иннинэ, эһиги манна тугу көрбүккүтүн кимиэхэ да кэпсиир буолаайаҕыт».

10 Онуоха үөрэнээччилэрэ: «Сокуонньуттар тоҕо бастаан Илия кэлиэхтээх дииллэрий?» – диэн ыйыппыттара.

11 «Чахчы, Илия урут кэлэн барытын бэлэмниэхтээҕэ, – диэбитэ Иисус. –

12 Ол эрээри эһиэхэ этэбин: Илия хайыы-үйэ кэлбитэ гынан баран, кини кэлбитин билбэтэхтэрэ, онон таптаабыттарынан кинини дьаһайбыттара. Ити курдук Киһи Уола эмиэ кинилэр илиилэригэр түбэһэн, элбэх эрэйи-муҥу көрүөхтээх».

13 Маныаха үөрэнээччилэрэ Кини Иоанн Сүрэхтээччи туһунан этэрин дьэ өйдөөбүттэрэ.


Абааһыга буулаппыт уолу үтүөрдүү

14 Элбэх дьон тоҕуоруһан турар сиригэр төннөн кэлбиттэригэр биир киһи Кини иннигэр кэлэн сөһүргэстии түспүтэ:

15 «Тойонуом, уолбун абыраа! Оҕом саҥа ый төрүүрүгэр тартаран сору көрөр, сотору-сотору уокка да түһэр, ууга да ыстанар.

16 Үөрэнээччилэргэр аҕалбытым да, кыайан үтүөрпэтилэр».

17 «Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».

18 Иисус бирикээстиирин кытта, абааһы уолтан тахсан барбыта; уол оҕо сонно үтүөрэн хаалбыта.

19 Онтон Иисус соҕотоҕун хаалбытыгар үөрэнээччилэрэ кэлэн: «Биһиги тоҕо кыайан үүрбэтэхпитий?» – диэн ыйыппыттара.

20 «Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;

21 оттон абааһы бу бииһин ууһа Таҥараҕа үҥүү уонна пост эрэ күүһүнэн үүрүллэр».

22 Галилеяҕа сылдьан Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Киһи Уолун сотору дьон илиитигэр биэрэн

23 өлөртөрүөхтэрэ, ол эрээри үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ». Үөрэнээччилэрэ улаханнык санаарҕаабыттара.


Таҥара Дьиэтин тардыыта

24 Капернаумҥа кэлбиттэригэр Таҥара Дьиэтин тардыытын хомуйааччылар Петрга кэлэн: «Эһиги Үөрэтээччигит тардыыны төлүүр буолбат дуо?» – диэн ыйыппыттара.

25 «Төлүүр», – диэбитэ Петр. Дьиэҕэ киирбитигэр Иисус киниттэн урутаан ыйыппыта: «Эн туох дии саныыгын, Симон? Сирдээҕи ыраахтааҕылар түһээни, биитэр тардыыны кимтэн хомуйалларый: бэйэлэрин оҕолоруттан дуу, атыттартан дуу?»

26 «Атыттартан», – диэбитэ Петр. Иисус эппитэ: «Ол аата оҕолоро түһээнтэн босхолоноллор.

27 Ити эрээри биһиги кинилэри симитиннэримиэххэ; эн күөгүгүн ылан муораҕа киир, онно бастакы хаптарбыт балыгыҥ айаҕын атыттаххына, биһиги төлөбүрбүтүн толуйар манньыат сылдьар буолуоҕа. Эн ону ылаҥҥын, иккиэммит аатыттан кинилэргэ биэр».

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan