Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Матфей 14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Иоанн Сүрэхтээччи өлүүтэ

1 Ол саҕана Ирод баһылык, Иисус сураҕын истэн,

2 чаҕардарыгар: «Ити Иоанн Сүрэхтээччи, – диэбитэ. – Кини өлөн баран тиллибит, ол иһин араас дьиктини оҥорор».

3 Ирод бу иннинэ быраатын Филипп ойоҕуттан Иродиадаттан сылтаан Иоанны тутан кэлгийтэрэн баран, хаайыыга уктарбыта.

4 Кинини хаайыыга уктарбыт төрүөтэ – Иоанн киниэхэ: «Эн Иродиаданы ылыа суохтааххын», – диирэ этэ.

5 Ирод кинини өлөрүөн баҕарбыта гынан баран, норуоттан чаҕыйбыта. Норуот Иоанны пророк диэн итэҕэйэрэ.

6 Ирод төрөөбүт күнүгэр Иродиада кыыһа ыалдьыттар иннилэригэр үҥкүүлээн, кини санаатын улаханнык таппыта;

7 ол иһин Ирод кыыска, тугу да көрдөөбүтүн иһин, барытын биэриэх буолан андаҕайбыта.

8 Кыыс ийэтин кигиитинэн киниэхэ: «Иоанн Сүрэхтээччи баһын манна бүлүүдэҕэ ууран миэхэ биэр», – диэбитэ.

9 Ыраахтааҕы санааҕа ылларбыта гынан баран, ыалдьыттарын иннилэригэр биэрбит андаҕарын кэһимээри, кыыс баҕатын толороллоругар соруйбута:

10 кини хаайыыга киһи ыытан, Иоанны моонньоох баһын быстарбыта.

11 Иоанн баһын бүлүүдэҕэ ууран кыыска аҕалан биэрбиттэрин, кыыс ийэтигэр илдьэн биэрбитэ.

12 Иоанн үөрэнээччилэрэ кэлэн, кинини ылан харайан баран, бу туһунан Иисуска биллэрбиттэрэ.


Биэс тыһыынча киһини аһатыы

13 Иисус маны истэн, оҥочоҕо олорон соҕотоҕун иччитэх сиргэ устубута; барбытын билэн, дьон куораттан ыла сатыы батыһан тиийбиттэрэ.

14 Иисус кытылга тахсан, элбэх дьон турарын көрөн аһынан, ыарыһахтары үтүөрдүбүтэ.

15 Киэһэ буолбутугар, үөрэнээччилэрэ Киниэхэ кэлэн эппиттэрэ: «Манна иччитэх сир, күн да киэһэрдэ, онон дьону дэриэбинэлэргэ ыыталаа, баран аһыыр астарын атыыластыннар».

16 Иисус эппитэ: «Кинилэр бараллара наадата суох, эһиги кинилэргэ аһылыкта биэриҥ».

17 Үөрэнээччилэрэ: «Манна биһиэхэ баара-суоҕа биэс килиэп уонна икки балык баар», – диэбиттэрэ.

18 «Ону манна Миэхэ аҕалыҥ», – диэбитэ Кини.

19 Дьону окко олордорго соруйан баран, биэс килиэби уонна икки балыгы ылан, халлааны көрөн туран алҕаабыта, онтон килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; үөрэнээччилэрэ ону дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.

20 Бука бары тото-хана аһаабыттара; ордубут аһы хомуйбуттара уон икки толору тымтай буолбута.

21 Оҕону-дьахтары аахпатахха, манна биэс тыһыынча кэриҥэ киһи аһаабыта.


Уу устун хаамыы

22 Сонно Иисус үөрэнээччилэрин оҥочоҕо олордон баран, Бэйэтэ дьону тарҕатыар диэри, уҥуоргу кытылга туоруулларыгар соруйбута.

23 Барыларын ыыталаан баран, соҕотоҕун хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта; киэһэ буолуута онно Кини соҕотох этэ.

24 Ол кэмҥэ үөрэнээччилэр оҥочолоро муора ортотугар тиийбитэ, күүстээх утары тыал түһэн, долгун оҥочону сабыта охсуолаабыта.

25 Халлаан суһуктуйуута Иисус кинилэргэ муора устун хааман тиийэн кэлбитэ.

26 Кини уу ньуурунан хааман иһэрин көрөн, үөрэнээччилэрэ уолуйаннар: «Сибиэн!» – диэн хаһыытаспыттара.

27 «Уоскуйуҥ, бу Мин, – диэбитэ Иисус хап-сабар. – Куттанымаҥ».

28 Петр эппитэ: «Тойонуом! Бу Эн буоллаххына, мин Эйиэхэ уу устун хааман тиийэрбэр соруй».

29 «Чэ кэл!» – Иисус ыҥырбыта. Петр оҥочоттон тахсан, уу устун хааман Иисус диэки барбыта,

30 ол эрээри тыал күүһүрбүтүн көрөн куттанан, ууга тимирээри: «Тойонуом, быыһаа!» – диэн хаһыытаабыта.

31 Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»

32 Тыыга киирбиттэригэр тыал астан хаалбыта.

33 «Дьиҥ чахчы Эн Таҥара Уолаҕын!» – оҥочоҕо олорооччулар бука бары Киниэхэ сүгүрүйбүттэрэ.

34 Уҥуор туораан, Геннисарет сиригэр кэлбиттэрэ.

35 Геннисарет олохтоохторо Иисуһу билэннэр, Кини кэлбит сураҕын чугас эргин сирдэргэ барыларыгар биллэрбиттэрэ; уонна туох баар ыарыһахтарын барыларын Киниэхэ аҕалтаан баран,

36 ыарыһахтарга, саатар, таҥаһын тэллэҕин таарыйтарарыгар көрдөспүттэрэ; таҥаһын таарыйбыт дьон үтүөрэн иһэллэрэ.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan