Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Марк 8 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Түөрт тыһыынча киһини аһатыы

1 Ол күннэргэ бэрт элбэх киһи мунньустан баран аһыыр астара суоҕун иһин, Иисус үөрэнээччилэрин ыҥыран ылбыта.

2 «Дьону аһынабын, – диэбитэ Кини. – Миигин кытары бииргэ сылдьыбыттара хайыы-үйэ үс хонно; аһыахтарын иһин, туохтара да суох.

3 Дьиэлэригэр аччык ыыттахпына, аны суолга сэниэлэрэ быстыа. Сорохторо бэрт ыраахтан кэлбиттэр».

4 Үөрэнээччилэрэ: «Манна, иччитэх сиргэ, хантан килиэп булан кинилэри аһатабытый?» – дэспиттэрэ.

5 «Эһиги төһө килиэптээххитий?» – Кини ыйыппыта. «Сэттэ», – диэбиттэрэ.

6 Иисус мустубут дьону сиргэ олордон баран, сэттэ килиэби ылан Таҥараҕа махтаммыта, уонна тоһуталаан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; кинилэр ону олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.

7 Кинилэргэ өссө аҕыйах балык баара; ону Кини алҕаан баран, эмиэ үөрэнээччилэригэр биэрэн дьоҥҥо үллэртэрбитэ.

8 Бары тотуохтарыгар диэри аһаабыттара; ордубут аһы хомуйбуттара сэттэ улахан корзина буолбута.

9 Манна барыта түөрт тыһыынча кэриҥэ киһи аһаабыта. Онтон Кини дьону дьиэлэригэр ыыталаат,

10 сонно оҥочоҕо олорон, үөрэнээччилэрин кытта Далмануфа сиригэр устубута.


Дьикти бэлиэни эрэйии

11 Онно Киниэхэ фарисейдар кэлэн мөккүһэн барбыттара. Кинилэр Иисуһу тургутан көрөн, халлаантан дьикти бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйаллара.

12 Иисус ыараханнык өрө тыынан баран эппитэ: «Бу көлүөнэ дьикти бэлиэни тоҕо эрэйэрий? Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу дьоҥҥо дьикти бэлиэ көрдөрүллүө суоҕа».

13 Итиэннэ кинилэртэн араҕан, эмиэ оҥочоҕо олорон уҥуор туораабыта.


Фарисейдар уонна Ирод аһытыылара

14 Үөрэнээччилэрэ килиэп ылалларын умнан барбыт этилэр – оҥочолоругар биир эрэ килиэптээхтэрэ.

15 «Көрүҥ, фарисейдар уонна Ирод аһытыыларыттан сэрэнэр буолуҥ», – диэбитэ Иисус.

16 Үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Ити килиэппит суоҕун иһин этэр», – дэспиттэрэ.

17 Ону билэн, Иисус: «Тоҕо килиэп ылбатахпыт дэһэҕит? – диэбитэ. – Өссө даҕаны ырыҥалыы, өйдүү иликкит дуо? Сүрэххит дьэбирэ кэм да ааһа илик дуу?

18 Харахтаах эрээри көрбөккүт, кулгаахтаах эрээри истибэккит дуу? Уонна умуннугут дуо,

19 Мин биэс килиэби биэс тыһыынча киһиэхэ үллэрбитим кэннэ, эһиги хас тымтайы толору хомуйбуккутуй?» «Уон иккини», – диэбиттэрэ.

20 «Оттон сэттэ килиэби түөрт тыһыынча киһиэхэ үллэрбиппэр ордугун хас корзинаны хомуйбуккутуй?» «Сэттэни», – дэспиттэрэ.

21 «Уонна баран өйдүү иликкит дуо?» – диэбитэ Иисус.


Вифсаидаҕа хараҕа суоҕу үтүөрдүү

22 Вифсаидаҕа кэлбиттэрэ. Онно Киниэхэ хараҕа суох киһини аҕалан «таарый» диэн көрдөспүттэрэ.

23 Кини хараҕа суоҕу сиэтэн дэриэбинэ таһыгар таһаарбыта уонна хараҕын силинэн илитэн баран, илиитинэн саба туппута. «Тугу эмэ көрөҕүн дуо?» – Иисус ыйыппыта.

24 «Мас курдук барыҥнаһан ааһар дьону көрөбүн!» – диэбитэ хараҕа суох киһи.

25 Иисус икки илиитинэн өссө төгүл кини харахтарын саба туппутугар киһи үтүөрэн тугу барытын дьэҥкэтик көрөр буолбута.

26 «Дэриэбинэҕэ кииримэ уонна онно кимиэхэ да кэпсээмэ», – диэн Иисус кинини сэрэтэн ыыппыта.


«Эн Христоскун»

27 Иисус үөрэнээччилэриниин Филипп Кесариятын дэриэбинэлэригэр барбыттара. Айаннаан иһэн аара Кини үөрэнээччилэриттэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта.

28 «Сорох Иоанн Сүрэхтээччи диир, – диэбиттэрэ. – Сорох Илия, сорох пророктартан биирдэстэрэ буолуо диир».

29 «Оттон эһиги Миигин ким дии саныыгытый?» – диэбитэ Иисус. «Эн Христоскун», – диэн хоруйдаабыта Петр.

30 Иисус кимиэхэ да бу туһунан этимэҥ диэн сэрэппитэ.


Иисус Христос өлөн баран тиллиэхтээҕин төлкөлүүр

31 Кини үөрэнээччилэригэр Киһи Уола элбэх эрэйи-муҥу көрүөхтээҕин, аҕа баһылыктар, архиерейдар уонна сокуонньуттар Кинини туора көрөн өлөрүөхтээхтэрин, ол кэнниттэн үһүс күнүгэр тиллиэхтээҕин туһунан кэпсээбитэ.

32 Маны барытын аһаҕастык эппитэ. Онуоха Петр Кинини туспа ыҥыран ылан утары этэн, бопсон барбыта.

33 Иисус эргиллэн үөрэнээччилэрин диэки көрөн баран, Петрга кытаанахтык эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Эн Таҥара туһун буолбакка, киһи туһун саныыгын».


Иисус Христос туһугар барытыттан аккаастаныы

34 Ол кэннэ үөрэнээччилэрин кытта бииргэ норуоту ыҥыран ылан эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын уонна кириэһин ылан Миигин батыстын.

35 Ким олоҕун быыһыан баҕарбыт – олоҕун сүтэриэҕэ; ким Мин туспар уонна Евангелие туһугар олоҕун сүтэрбит – олоҕун быыһыаҕа.

36 Киһи олоҕун алдьатан туран аан дойдуну баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой?

37 Киһи бэйэтин олоҕун тугунан толуйан ылыай?

38 Бу билиҥҥи аньыылаах, содур көлүөнэ иннигэр Миигиттэн уонна Мин тылларбыттан сааппыт киһиттэн Киһи Уола, Аҕатын килбиэннээх сырдыгынан сыдьаайан сибэтиэй Аанньаллардыын эргиллэн кэллэҕинэ, эмиэ саатыаҕа».

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan