Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Марк 5 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Куһаҕан тыын буулаабыт киһитин үтүөрдүү

1 Кинилэр муора уҥуоргу кытылыгар, Гадара сиригэр, тиксибиттэрэ.

2 Иисус оҥочоттон тахсаатын кытта, өлбүт дьон харайыллыбыт таас хаспахтарыттан Киниэхэ уун-утары быртах тыыҥҥа буулаппыт киһи тахсыбыта.

3 Бу хоруоптар быыстарыгар дьиэлэнэр киһини, бэл сыабынан да кэлгийэн, ким да кыайан туппат этэ;

4 хас да төгүл хандалылаан, сыабынан кэлгийэн көрө сылдьыбыттара да, сыаптарын быһыта тыытан баран хандалыны хайа сынньан кэбиһэрэ, онон кинини ким да кыайан сыһыппатаҕа:

5 кини түүннэри-күннэри хайанан, киһи уҥуохтарынан ыһыытыы-хаһыытыы сылдьара, тааһынан бэйэтин кырбанара.

6 Бу киһи, Иисус иһэрин ыраахтан көрөөт, утары сүүрэн кэлбитэ уонна тоҥхойон баран

7 күөмэйин муҥунан: «Эн миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? – диэн үөгүлээбитэ. – Таҥара туһугар Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»

8 Иисус киниэхэ: «Быртах тыын, бу киһиттэн таҕыс!» – диэбитин иһин, кини итинник эппитэ.

9 «Аатыҥ кимий?» – диэн ыйыппыта Иисус. «Биһиги элбэхпит, ол иһин мин аатым Легион диэн», – диэбитэ киһи.

10 Итиэннэ биһигини бу дойдуттан киэр үүрүмэ диэн көрдөһөн-ааттаһан барбыта.

11 Онно хайа эниэтигэр сибиинньэ халыҥ үөрэ мэччийэ сылдьара.

12 Абааһылар Иисустан: «Сибиинньэлэргэ баран киириэхпитин, биһигини кинилэргэ ыыт», – диэн көрдөспүттэрэ.

13 Иисус көҥүллээбитэ. Быртах тыыннар тахсан, сибиинньэлэргэ киирбиттэригэр сибиинньэ бүтүн үөрэ барыта икки тыһыынча кэриҥэ тумустаах – эмпэрэттэн муораҕа ыстанан тимирэн хаалбыта.

14 Сибиинньэ үөрүн бостууктара куоракка уонна дэриэбинэлэргэ сырсан тиийэн бу туһунан кэпсээбиттэрэ. Онон олохтоохтор туох буолбутун көрө тахсыбыттара.

15 Иисуска кэлбиттэрэ, арай абааһы буулаабыт киһитэ – били элбэх абааһылана сылдьыбыт киһи – таҥаһын таҥнан, өлүөр өйдөнөн олороро, ону көрөн улаханнык куттаммыттара.

16 Туох буолбутун көрбүт дьон абааһыга буулаппыт киһи хайдах үтүөрбүтүн, сибиинньэлэр ууга түспүттэрин кинилэргэ кэпсээн биэрбиттэрэ.

17 Олохтоохтор ону истэн баран, Иисуһу биһиги дойдубутуттан бар диэн көрдөспүттэрэ.

18 Иисус оҥочоҕо киирбитигэр абааһыга буулата сылдьыбыт киһи, Кинини кытта бииргэ сылдьаары, көрдөспүтэ,

19 ону Кини көҥүллээбэтэҕэ. «Дьиэҕэр, дьоҥҥор баран Айыы Тойон эйигин аһынан, тугу оҥорбутун кэпсээ», – диэбитэ.

20 Киһи Уон Куорат уобалаһыгар тиийэн, Иисус кинини үтүөрдүбүтүн туһунан кэпсээн барбыта; истибит эрэ барыта бэркиһээбитэ.


Өлбүт кыыс уонна ыарыһах дьахтар

21 Иисус оҥочоҕо олорон эмиэ уҥуоргу кытылга туораабытыгар тула көй үгүс дьон мустубута. Кини муора кытылыгар сылдьыбыта.

22 Арай биир Иаир диэн ааттаах киһи, синагога тойотторуттан биирдэстэрэ, тиийэн кэлэн, Иисус атаҕар умса түһэн:

23 «Кыысчааным быстаары сытар; Эн бараҥҥын киниэхэ илиигин уурдаргын, оҕом үтүөрүө, тыыннаах хаалыа этэ», – диэн көрдөспүтэ-ааттаспыта.

24 Иисус кинини кытта барсыбыта. Кэнниттэн дьон халҕаһалыы ыга анньан батыһан испитэ.

25 Уон икки сыл устата хаана баран эрэйдэммит биир дьахтар

26 (кини элбэх эмчиккэ эмтэтэн, үбүн бараабыта гынан баран туһаламматаҕа – туруга эбии ыараабыта)

27 Иисус туһунан истэн, дьон быыһынан киирэн, Киниэхэ кэнниттэн чугаһаан кэлбитэ уонна таҥаһын таарыйбыта.

28 «Таҥаһын да таарыйдахпына, экчи үтүөрүөм», – диирэ кини.

29 Таарыйаатын, хаана барара тохтоон үтүөрэн хаалбыта, ону бүтүн этинэн-хаанынан билбитэ.

30 Бу кэмҥэ Иисус, Киниттэн күүс тахсыбытын билэн, кэннин хайыһан: «Мин таҥаспын ким таарыйда?» – диэн дьонтон ыйыппыта.

31 «Эйигин дьон ыга анньан турарын көрөҕүн дии, уонна хайдах ким таарыйда диигиний?» – дэспиттэрэ үөрэнээччилэрэ.

32 Иисус Кинини таарыйбыт дьахтары көрдөөн, тула көрбүтэ.

33 Субу аҕай туох буолбутун билэн титирэс буола куттаммыт дьахтар Кини атаҕын тумсугар сиргэ бүк түһэн, барытын кырдьыгынан кэпсээн биэрбитэ.

34 «Кыыһым, эйигин итэҕэлиҥ быыһаата, – диэбитэ Иисус. – Чэ, эйэни кытта дьиэлээ уонна аны итинник ыалдьыма».

35 Кини маны этэ турдаҕына, синагога тойонугар дьиэтиттэн кэлэннэр: «Кыыһыҥ быһынна. Үөрэтээччини туохха сүпсүгүрдүөххүнүй?» – диэбиттэрэ.

36 Онуоха Иисус бу эппиттэрин истэн, синагога тойонугар: «Куттаныма, итэҕэй эрэ», – диэбитэ.

37 Петртан, Иаковтан уонна Иаков быраата Иоантан ураты атын ким даҕаны Кинини кытта барсарын Иисус көҥүллээбэтэҕэ.

38 Синагога тойонун дьиэтигэр кэлбиттэрэ. Иисус аймалҕан буолбутун – ытыыр-соҥуур, энэлийэр дьону көрбүтэ.

39 «Тоҕо айманаҕыт-ытаһаҕыт? – диэбитэ Кини дьиэҕэ киирэн. – Оҕо тыыннаах, утуйа сытар».

40 Кинини күлүү гыммыттара. Иисус, барыларын таһаартаан баран, оҕо аҕалаах ийэтин уонна Бэйэтин үс үөрэнээччитин илдьэ кини сытар хоһугар киирбитэ итиэннэ кыысчааны илиититтэн ылан баран, киниэхэ туһаайан:

41 «Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)

42 Кыыс сонно туран, хааман барбыта; кини сааһа уон иккитэ этэ. Маны көрбүт дьон сөрү диэн сөхпүттэрэ.

43 Иисус бу туһунан ким да билиэ суохтаах диэн кинилэри кытаанахтык сэрэтэн баран, кыыһы аһаталларыгар соруйбута.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan