Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Марк 4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Бурдук ыһааччы туһунан домох

1 Онтон эмиэ муора кытылыгар киирэн үөрэтэн барбыта; тулатыгар көй үгүс киһи үтүрүспүтүн иһин, ууга турар оҥочоҕо киирэн олорбута; мустубут дьон бары Кинини сиргэ, муора кытылыгар, туран истибиттэрэ.

2 Кини домохторунан бэрт элбэҕи үөрэппитэ; бу үөрэтэригэр эппитэ:

3 «Истиҥ: бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт.

4 Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтиттэн сорҕото суол кытыытыгар түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр.

5 Сороҕо чычаас буорга, таастаах сиргэ, түһэн буора чараас буолан, сотору быган тахсыбыт;

6 күн уота сырайбытыгар үүммүт үүнүү дириҥник силис тарпатах буолан, хатан хаалбыт.

7 Сорох сиэмэтэ хатыылаах эрбэһин быыһыгар түбэспит, онон хатыылаах эрбэһин саба үүнэн, бу сиэмэ астамматах.

8 Оттон сорох сиэмэ, өҥ сиргэ түһэн, ас кутан элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».

9 Кини бу домоҕун түмүктээн эппитэ: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»


Домох суолтата

10 Соҕотоҕун хаалбытыгар аргыстара Уон Иккиэлэрдиин Кинини төгүрүйэн туран, бу домох суолтатын ыйыппыттара.

11 «Эһиэхэ Таҥара Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, – диэбитэ Кини, – оттон ити таһынааҕыларга барыта домоҕунан бэриллэр; онон кинилэр

12 харахтарынан көрөр эрээри – көрбөттөр, кулгаахтарынан истэр эрээри – өйдөөбөттөр; оттон Таҥараҕа эргиллэллэрэ эбитэ буоллар, аньыылара бырастыы буолуо этэ».


Бурдук ыһааччы туһунан домох быһаарыыта

13 «Бу домоҕу өйдөөбөккүт дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьэ уонна кэлэн атын домохтору хайдах өйдүөххүтүй?

14 Бурдук ыһааччы Таҥара тылын ыһар.

15 Суол кытыытыгар ыһыллыбыт сиэмэ – ыһыллыбыт тылы истибит дьон, ол гынан баран, истээттэрин кытта, сатана тиийэн кэлэн кинилэр сүрэхтэригэр ыһыллыбыт тылы уоран илдьэ барар.

16-17 Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – эмиэ тылы иһиттэллэр эрэ, тута үөрүүнү кытта ылынар эрээри, дириҥ силиһэ суох буолан өр тулуспат дьону сирэйдээн көрдөрөр: кэлин, кутурҕан кэмэ кэллэҕинэ, эбэтэр тыл туһуттан сойуолааһын саҕаланнаҕына, кинилэр итэҕэллэрин сонно сүтэрэн кэбиһэллэр.

18 Оттон хатыылаах эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт сиэмэ – тылы истэр дьону көрдөрөр,

19 ол эрээри кинилэр сүрэхтэригэр олох сүпсүлгэнэ, баайга-дуолга умсугуйуу уонна да атын баҕа санаа киирэн, тылы саба баттаан кэбиһэр, инньэ гынан истибит тыллара туһата суох хаалар.

20 Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – истибит тылларын ылынар дьон; кинилэр отут, алта уон, сүүс оччонон үрдүк үүнүүнү биэрэллэр».


Орон анныгар умайар сибэтиилинньик

21 Итиэннэ Иисус кинилэргэ эппитэ: «Сибэтиилинньиги уматан баран, иһитинэн саба уураары, аҕалаллар дуу, орон анныгар туруораары дуу? Олоҕор туруораары аҕалаллар буолбатах дуо?

22 Ханнык да кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох, туох да кистэммит биллибэтэҕэ диэн эмиэ суох.

23 Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»

24 Итиэннэ Иисус эппитэ: «Бу истибиккитин өйдөөн кэбиһиҥ: ханнык кээмэйинэн кээмэйдиигит да, эһиэхэ эмиэ оннук кээмэйинэн кээмэйдиэхтэрэ, итиэннэ эһиэхэ, истээччилэргэ, өссө эбэн биэриэхтэрэ.

25 Баардаахха өссө бэриллиэҕэ, туга да суохтан баара кытта былдьаныаҕа».


Бурдук сиэмэтин туһунан домох

26 Итиэннэ Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: киһи буорга бурдук сиэмэтин ыһар;

27 түүнүн киһи утуйар, күнүһүн турар, оттон сиэмэтэ хайдах үүнэн иһэрин билбэт.

28 Бурдугу сир бэйэтэ үүннэрэр: маҥнай күөх үнүгэс үүнэр, онтон куолас быган тахсан ас кутар;

29 бурдук бустаҕына, хомуур саҕаланар, оччоҕо киһи сиэрпэтин ылан, бурдугун быһа тахсар».


Хартыыһа сиэмэтин туһунан домох

30 Итиэннэ өссө эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, ханнык домоҕунан быһаарыахха сөбүй?

31 Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар. Буорга ыһалларын саҕана, кини сир үрдүгэр баар сиэмэлэртэн барыларыттан саамай кыралара,

32 оттон ыспыттарын кэннэ – оҕуруот үүнээйилэриттэн барыларыттан улаханнара буолар, суон, хойуу лабааланар, онон бэл көтөрдөр, көтөн кэлэн, кини күлүгэр уйа туттар кыахтаналлар».

33 Бу курдук, төһө истэллэрин тухары, кинилэри элбэх домоҕунан үөрэппитэ.

34 Домоҕо суох кинилэргэ тугу да эппэт этэ, оттон үөрэнээччилэригэр, бэйэлэрэ эрэ хааллахтарына, барытын туспа быһааран биэрэрэ.


Силлиэни тохтотуу

35 Ол күн киэһэтигэр Кини үөрэнээччилэригэр: «Уҥуор туоруоҕуҥ», – диэбитэ.

36 Онон дьону ыыталаан баран, Иисус олорор оҥочотугар киирэн уҥуор устубуттара; онно Кинини кытта атын тыылаахтар эмиэ бааллара.

37 Эмискэ күүстээх силлиэ түспүтэ; долгун оҥочону сабыта охсон, оҥочо уунан туолан барбыта.

38 Кини бу кэмҥэ олбоҕу сыттанан, куормаҕа утуйа сыппыта. Үөрэнээччилэрэ уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Биһиги өлөн эрэрбитигэр Эн кыһаммаккын дуо?» – диэбиттэрэ.

39 Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.

40 Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»

41 Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan