Иона 4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэИона хомолтото уонна Таҥара амарах быһыыта 1 Иона итинтэн улаханнык хомойон, абаран-сатаран, 2 АЙЫЫ ТОЙОҤҤО маннык үҥпүтэ: «Оо, АЙЫЫ ТОЙОН, мин итини өссө дойдубар сылдьан этэн турабын эбээт! Ол иһин мин били эрдэ-сылла Тарсиска күрүүрдүү санаммытым. Эн алдьархайы үөрүүнэн тохтотор үтүө майгылаах, амарах санаалаах, улуу тулуурдаах, аһыныгас Таҥара буоларгын билэр этим. 3 Онон билигин, АЙЫЫ ТОЙОН, дууһабын ыл: бу кэриэтин мин өлбүтүм ордук». 4 Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниттэн: «Хайа бу эн туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта. 5 Иона Ниневияттан тахсан барбыта уонна илин туһаайыынан отуу оҥостон баран, куоракка салгыы туох буоларын кэтэһэн, отуутун күлүгэр олорбута. 6 Оннук олордоҕуна, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥара киниэхэ хойуу кэтит сэбирдэхтээх үүнээйини ыыппыта. Ол үүнээйи сиртэн дьылыгырыы үүнэн тахсан, Иона саппаҕырбыт санаатын сайҕыырдыы, кинини хаххалыы турбута. Иона үүнээйини көрөн бэркэ диэн үөрбүтэ. 7 Сарсыныгар күн тахсыыта Таҥара аны чиэрбэни ыыппыта: чиэрбэ быһа кэрбээн, били үүнээйи иинэн-хатан хаалбыта. 8 Онтон күн үөһэ ойуута Таҥара илинтэн күүстээх кураан тыалын түһэрбитэ. Күн уота Иона төбөтүн сырайбытынан барбыта. Иона бырда быстан, эрэйи көрөн: «Маннык олоруом кэриэтин өлбүтүм ордук!» – диэн өлүөн эрэ баҕарар буолбута. 9 Дьэ онно Таҥара киниттэн иккиһин: «Хайа бу эн үүнээйи туһуттан туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта. «Наһаа абардым! – диэбитэ Иона. – Хомойон өлө сыстым!» 10 Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниэхэ эппитэ: «Эн бэл бэйэҥ көрөн-истэн, улаатыннаран эрэйдэммэтэх үүнээйигин, биир түүн иһигэр үүнэн баран хатан хаалбыт от сыыһын, аһыйаҕын. 11 Оттон ити уҥа-хаҥас илиитин кыайан араарбат сүүс сүүрбэ тыһыынча киһилээх, баһаам сүөһүлээх-тойдоох Ниневия курдук улахан куораты Мин хайдах харыһыйыам суоҕай?» |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia