Иона 2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэИона балык иһиттэн Таҥараҕа үҥэр 1 Онтон АЙЫЫ ТОЙОН ыыппыт аарыма балыга тиийэн кэлэн, Ионаны ыйыстан кэбиспитэ. Иона ол иһигэр үс түүннээх күн буолан баран, 2 балык иһиттэн АЙЫЫ ТОЙОН Таҥаратыгар үҥпүтэ: 3 «АЙЫЫ ТОЙОН! Алдьархайга ылларан Эйигин ыҥырбыппар Эн миэхэ хардардыҥ, Анараа дойду түгэҕиттэн үөгүлээбиппэр иһиттиҥ! 4 Эн миигин дириҥ далайга, байҕал түгэҕэр түһэрбитиҥ, онно миигин бурулҕан эрийэн ылбыта, Эн бары баалыҥ, модун долгунуҥ барыта мин үрдүбүнэн ытыллан ааспыта. 5 Онон миигин аны көрбөттүү киэр үүрдэ дии санаабытым. Суох! Мин өссө даҕаны Эн сибэтиэй Дьиэҕин көрүөҕүм! 6 Халыан уу тыыммын хаайбыта, түгэҕэ биллибэт чүөмпэ миигин мэҥиэстибитэ, төбөбөр муора салахайа иилистибитэ. 7 Мин хайалар төрдүлэригэр түспүтүм; сир халҕана мин үрдүбүнэн букатыннаахтык хам хатаммыта! Ол эрэн, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥарам, Эн миигин үөдэн түгэҕиттэн таһаардыҥ! 8 Сырам-сылбам баранан, муҥур уһукка түһэн, мин Эйигин, АЙЫЫ ТОЙОНУ, өйдөөн кэлбитим, мин үҥэр үҥүүм Эйиэхэ, Эн сибэтиэй Дьиэҕэр, тиийбитэ. 9 Туох да туһата суох эмэгэттэргэ сүгүрүйээччилэр Эйигин таҥнараллар. 10 Оттон мин махтал тылларын этэммин Эйиэхэ сиэртибэ биэриэҕим, эрэннэрбит тылбын толоруоҕум. Быыһабыл АЙЫЫ ТОЙОНТОН тосхойор!» 11 АЙЫЫ ТОЙОН дьаһайбытыгар аарыма балык Ионаны сиргэ өҕүйэн кэбиспитэ. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia