Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Иоанн 17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Иисус Христос үҥүүтэ

1 Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр.

2 Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ.

3 Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.

4 Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.

5 Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.

6 Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.

7 Эн Миэхэ биэрбитиҥ барыта Эйиэнэ буоларын кинилэр билигин дьэ өйдөөтүлэр;

8 Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.

9 Мин кинилэр тустарыгар көрдөһөбүн: бүтүн аан дойду туһугар буолбатах, Миэхэ Эн биэрбит дьонуҥ туһугар көрдөһөбүн – кинилэр Эйиэннэрэ буолаллар эбээт.

10 Миэнэ барыта – Эйиэнэ, Эйиэнэ эмиэ Миэнэ; Мин албан аатым килбиэнин кинилэр көрдөрдүлэр.

11 Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.

12 Мин бу дойдуга кинилэрдиин бииргэ сылдьан, кинилэри Эн аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаатым; кинилэри, Эн Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Мин харыстаан илдьэ сырыттым, онон өлөргө анаммыттан ураты кинилэртэн ким да өлбөтө. Суруйууларга этиллибит туолла.

13 Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.

14 Мин кинилэргэ Эн тылгын тиэртим; Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтарын иһин, аан дойду кинилэри абааһы көрдө.

15 Бу дойдуттан кинилэри ыл диэн көрдөспөппүн – кинилэри хара дьайтан араҥаччылаа диэн көрдөһөбүн.

16 Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтар.

17 Эн кинилэри Бэйэҥ кырдьыгыҥ күүһүнэн сибэтии гын: Эн тылыҥ дьиҥ кырдьыктаах.

18 Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым.

19 Кинилэр тустарыгар – Эн кырдьыгыҥ кинилэри сибэтии гынарын туһугар, Мин Бэйэбин Эйиэхэ аныыбын.

20 Мин кинилэр тустарыгар эрэ буолбатах, кинилэртэн истэн Миигин итэҕэйээччилэр тустарыгар эмиэ көрдөһөбүн;

21 бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин.

22 Эн Биһикки биирбит курдук кинилэр эмиэ биир буолалларын туһугар, Эн Миэхэ биэрбит килбиэҥҥин Мин кинилэргэ биэрдим.

23 Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.

24 Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.

25 Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр.

26 Мин кинилэр сүрэхтэригэр баарым курдук, Эн Миигин таптаабыт тапталыҥ эмиэ кинилэр сүрэхтэригэр баар буоларын туһугар, Мин кинилэргэ Эн ааккын арыйбытым уонна арыйыам даҕаны».

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan