Иоанн 14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэИисус Христос – Аҕаҕа тиэрдэр суол 1 «Эһиги дьиксиниэ суохтааххыт. Таҥараны уонна Миигин итэҕэйиҥ! 2 Аҕам дьиэтэ элбэх хостоох; оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар, эһиги олорор сиргитин бэлэмнии барабын диэн этиэм этэ дуо? 3 Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам. 4 Оттон Мин ханна барарбын эһиги билэҕит, суолун эмиэ билэҕит». 5 «Тойоммуот! Эн ханна бараргын биһиги билбэппит, онон барар суолгун хайдах билиэхпитий?» – диэбитэ Фома. 6 Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох. 7 Эһиги Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит. Аны мантан инньэ Кинини билэҕит – эһиги Кинини көрдүгүт». 8 «Тойоммуот, – диэбитэ Филипп, – Аҕаҕын биһиэхэ көрдөрөрүҥ эбитэ буоллар! Биһиги онон сөп буолуо этибит». 9 «Бачча тухары Мин эһигинниин бииргэ сырыттым, ол тухары эн Миигин билбэтэххин дуу, Филипп? – диэбитэ Иисус. – Ким Миигин көрбүт, ол Аҕабын көрбүт. Биһиэхэ Аҕаҕын көрдөр диэн хайдах эн этэҕин? 10 Мин Аҕабар баарбын, Аҕам Миэхэ баарын эн итэҕэйбэккин дуо? Мин эһиэхэ этэр тылбын Бэйэм көҥүлбүнэн этэр буолбатахпын: бу барыта – Миэхэ баар Аҕам дьайыыта. 11 Эһиги Мин Аҕабар баарбын, Аҕам Миэхэ баарын итэҕэйиҥ; оттон Миигин итэҕэйбэт буоллаххытына, оччоҕо дьайыыларбын көрөн итэҕэйиҥ. 12 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Миигин итэҕэйэр киһи Мин оҥорор дьайыыларбын оҥоруоҕа, өссө оннооҕор да улаханнары оҥоруоҕа, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын. 13 Итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран, Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Мин – Аҕа Уолунан албан аатырарын туһугар – эһиги көрдөспүккүтүн толоруом. 14 Өскөтүн Мин ааппын ааттаан туран, тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, ону толоруом. Сибэтиэй Тыыны биэриэх буолан эрэннэрии 15 Миигин таптыыр буоллаххытына, Мин кэриэстэрбин толоруҥ. 16 Мин Аҕабыттан көрдөһүөм, оччоҕо Аҕам эһиэхэ атын Уоскутааччыны – Кини кэлэн үйэлэр тухары эһигини кытта бииргэ буоларын туһугар – биэриэ. 17 Аҕам эһиэхэ Кырдьык Тыынын – бу дойду көрбөт да, билбэт да буолан, ылынар кыаҕа суох Тыынын – ыытыа; оттон эһиги Кинини билэҕит – Кини эһигини кытта баар, Кини эһиги искитигэр буолуоҕа. 18 Мин кэлиэм – эһигини тулаайах хаалларыам суоҕа. 19 Бэрт кылгас кэминэн бу дойду Миигин аны көрүө суоҕа, оттон эһиги көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин тыыннааҕым курдук, эһиги эмиэ тыыннаах буолуоххут. 20 Ол күн эһиги Мин Аҕабар, эһиги Миэхэ, Мин эһиэхэ баарбын билиэххит. 21 Ким Мин кэриэстэрбин толорор – ол Миигин таптыыр; оттон Миигин таптыыр киһини Аҕам таптыаҕа, Мин эмиэ ол киһини таптаан, Бэйэм киниэхэ көстүөҕүм». 22 Иуда (Искариот буолбатах) ыйыппыта: «Тойонуом! Аан дойдуга көстүбэккэ, эһиэхэ көстүөхпүн баҕарабын диэн ити хайдаҕый?» 23 Иисус киниэхэ эппитэ: «Миигин таптыыр киһи Мин этэр тылбын толоруоҕа. Аҕам эмиэ кинини таптыаҕа, оччоҕо Биһиги бииргэ кэлэммит, киниэхэ дьиэлэниэхпит. 24 Миигин таптаабат киһи Мин тылбын толорбот, оттон эһиги истэр тылгыт Миэнэ буолбатах, Миигин ыыппыт Аҕам киэнэ. 25 Маны, эһигини кытта бииргэ эрдэхпинэ, эттим. 26 Оттон Сибэтиэй Тыын, Мин туспар Аҕам эһиэхэ ыытыахтаах Уоскутааччыта, эһигини барытыгар үөрэтиэҕэ, Мин эһиэхэ тугу эппиппин барытын өйдөтүөҕэ. 27 Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт. 28 Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан. 29 Бу туһунан Мин эһиэхэ ол өссө туолуон иннинэ – кэлин туоллаҕына, Миигин итэҕэйэргит туһугар – эттим. 30 Мин эһигини кытта кэпсэтэр кэмим кыччаата – бу дойду баһылыга чугаһаата. Кини Мин үрдүбүнэн ханнык да былааһа суох. 31 Ол эрээри бу аан дойду Аҕабын таптыырбын билэрин туһугар, Мин Аҕам Миэхэ тугу соруйбутун толоробун: туруҥ, мантан барыаҕыҥ. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia