Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Иаков 2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Сирэй көрбөх буолууттан сэрэтии

1 Бырааттарым! Килбиэннээх Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу итэҕэйэр дьон сиэринэн эһиги киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолуҥ.

2 Арай мустан олордоххутуна, тарбаҕын аайы кыһыл көмүс биһилэхтээх сиэдэрэй бэйэлээх баай киһи уонна илбирийбит таҥастаах дьадаҥы киһи киирдиннэр.

3 Эһиги баайдык таҥныбыт киһини көрөн: «Баһаалыста, манна кэлэн олор», – диэн ыҥыран баран, дьадаҥыга: «Эн антах тур» биитэр «Кэл бэттэх, атаҕым аттыгар олор», – диэтэххитинэ,

4 искитигэр араарсыыны таһааран, мөкү судьуйалыы быһыыланаҕыт буолбатах дуо?

5 Истиҥ эрэ, таптыыр бырааттарым, Таҥара дьадаҥы дьону – итэҕэлинэн байытаары, Кинини таптыыр дьоҥҥо эрэннэрбит Саарыстыбатыгар киллэрээри – талан ылбыта этэ буолбатах дуо?

6 Эһиги буоллаҕына дьадаҥылары сэнээтигит. Баайдар эһигини атаҕастыыллар, суукка биэрэллэр буолбат дуо?

7 Эһиги итэҕэйэн ылыммыт үтүөкэн ааккытын баһааҕырдааччылар эмиэ кинилэр буолбатахтар этэ дуо?

8 Өскөтүн эһиги Суруйууларга этиллибит «Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа» диэн үрдүкү сокуону толорор буоллаххытына, үтүө суолу тутуһаҕыт.

9 Оттон киһини кимиттэн-тугуттан көрөн сыһыаннаһар буоллаххытына, эһиги аньыыны оҥороҥҥут, Сокуон иннигэр буруйдаах буолан тахсаҕыт.

10 Сокуону бүттүүнүн тутуһар эрээри, бииригэр эмэ аньыыны оҥорор киһи барытыгар буруйдаах буолар.

11 «Көссүүлэһимэ» диэбит Таҥара «өлөрүмэ» диэн эмиэ эппитэ, онон эн көссүүлэспэт эрээри, өлөрөр түбэлтэҕэр син биир Сокуону кэһэҕин.

12 Эһиги тылгыт-өскүт, быһыыгыт-майгыгыт, тугу гынаргыт барыта көҥүл Сокуонунан дьүүллэниэхтээх дьон сиэринэн буолуохтаах.

13 Амараҕа суох дьон бэйэлэрэ амараҕа суохтук дьүүллэниэхтэрэ; оттон амарах быһыы дьүүлгэ турбат.


Итэҕэл уонна дьайыы

14 Бырааттарыам, итэҕэйэбин диир киһи итэҕэлэ олорор олоҕуттан көстүбэт буоллаҕына, кини итэҕэйбитэ туох көдьүүстээх буолуой? Ол итэҕэлэ кинини өрүһүйүөн сөп дуо?

15 Өскөтүн биир итэҕэллээх быраата дуу, балта дуу таҥнар таҥаһа биитэр аһыыр аһа суох буола сылдьалларын көрө-көрө,

16 хайаҕыт эмэ «Чэ, эйэни кытта барыҥ, ичигэстик таҥна, үчүгэйдик аһыы-сии сылдьыҥ» диэн баран, аһыылларыгар ас, таҥналларыгар таҥас бэрсибэтэҕинэ, ити эппитэ туох туһалаах буолуой?

17 Син ол кэриэтэ итэҕэл эмиэ туох да үтүө дьайыыта суох аҥаардас буоллаҕына – өлбүт итэҕэл.

18 Баҕар, ким эрэ: «Сороххо итэҕэйэр кыах, оттон сороххо үтүөнү оҥорор кыах бэриллэр», – диэҕэ. Оччоҕо мин киниэхэ этиэм: «Ол дьайыыта суох итэҕэлгин миэхэ көрдөр, оттон мин итэҕэлбин эйиэхэ олохпунан көрдөрүөм».

19 Эн Таҥара биир диэн итэҕэйэҕин. Бэрт сөп, абааһылар эмиэ итэҕэйэллэр, бэл кутталларыттан салыбырас буолаллар.

20 Оттон эн, оттомо суох киһи, дьайыыта суох итэҕэл өлбүт итэҕэл буоларын билиэххин баҕараҕын дуо?

21 Өбүгэбит Авраам уолун Исаагы сиэртибэнньиккэ ууран Таҥара биһирэбилин ылбыта буолбат дуо?

22 Итэҕэлэ кини дьайыытыгар көмөлөспүтүн, оттон дьайыыта итэҕэлин муҥутуурдук ситэрэн-хоторон биэрбитин эн көрбөккүн дуо?

23 Итинэн Суруйууларга этиллибит туолбута: «Авраам Таҥараны итэҕэйбитэ, ол иһин Таҥара кинини кырдьыксыт киһи диэн билиммитэ». Онон Авраам Таҥара доҕорунан ааттаммыта.

24 Киһи аҥаардас итэҕэлинэн эрэ буолбакка, дьайыытынан эмиэ быыһанарын көрбөккүт дуо?

25 Содур дьахтар Раав эмиэ, чуҥнуу кэлбит Израиль дьонун дьиэтигэр саһыаран баран, атын суолунан куоттаран биэрэн быыһаммыта буолбат дуо?

26 Киһи тыына быһыннаҕына, этэ-сиинэ өлүк эрэ буолан хааларын курдук, үтүө дьайыыта суох итэҕэл эмиэ – өлбүт итэҕэл.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan