Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Еврейдэргэ 5 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Архиерей буоларга дьонтон сүүмэрдэнэн талыллар киһи аньыыны-хараны толуйан, Таҥараҕа бэлэх, сиэртибэ биэрэн, бар дьон туһугар Таҥараҕа сулууспалыырга ананар.

2 Кини, бэйэтэ эмиэ мөлтүүр-ахсыыр киһи буолан, билбэт-көрбөт, муна-тэнэ сылдьар дьону аһынар кыахтаах,

3 ол иһин норуотун да, бэйэтин да туһугар аньыы толуйан сиэртибэ биэриэхтээх.

4 Архиерей буолар үрдүк чиэскэ киһи аҥаардастыы баҕатыйан, талаһан тиксибэт, арай Аарон курдук – Таҥара ыҥырбыт киһитэ эрэ тиксэр.

5 Христос эмиэ Архиерей буолар чиэһи Бэйэтинэн көрдөөн ылбыт буолбатах – «Эн Мин Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм» диэбит Таҥара Киниэхэ бу үрдүк солону биэрбитэ.

6 Итини тэҥэ Суруйууларга «Эн үйэлэр тухары Мелхиседек курдук Аҕабыыт буолаҕын диэн эмиэ этиллэр».

7 Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.

8 Төһө да Уола буоллар, Кини эрэйи-муҥу тулуйан туран, Аҕатын көҥүлүн толоро үөрэммитэ;

9 итиэннэ ситэн-хотон баран, Кинини истэр дьоҥҥо барыларыгар үйэлэр тухары быыһанар төрүөт буолбута.

10 Онон Таҥара Мелхиседегы анаабытын курдук, Кинини эмиэ Архиерейынан анаабыта.


Эҥкилэ суох буоларга ыҥырыы

11 Бу туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтиэхпитин сөп этэ гынан баран, эһиги истэр дьоҕургутун сүтэрэҥҥит, өйдүүргүт күчүмэҕэй буолбут.

12 Күн-дьыл көрдөрөрүнэн, хайыы-үйэ атыттары үөрэтэ сылдьыахтаах этигит гынан баран, билигин бэйэҕитин Таҥара тылын бастакы кэрдиистэригэр хат үөрэтиэххэ наада буолбут; эһиэхэ үүт эрэ аһылык сөптөөх, кытаанах аһы эһиги кыайбаккыт.

13 Оттон үүт аһылыктаах ханнык баҕарар киһи, кэм да кыһыл оҕонон сылдьар буолан, кырдьык тылын кыайан арааран өйдөөбөт.

14 Өйдөрө-санаалара эрчиллэн, үтүөнү-мөкүнү араара үөрэммит сиппит-хоппут эрэ дьоҥҥо кытаанах ас сөптөөх.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan