Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

Арыллыы 17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Кыылы миинэн олорор содур дьахтар

1 Онтон сэттэ кытахтаах сэттэ Аанньалтан биирдэстэрэ кэлэн миэхэ эппитэ: «Кэл, эйиэхэ элбэх ууга олорор улуу содур дьахтар дьүүллэнэрин көрдөрүөм.

2 Сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэллэрэ, сир олохтоохторо кини содур олоҕун арыгытын итириэхтэригэр диэри иһэллэрэ».

3 Тыын миэхэ сайбытыгар Аанньал миигин кураайы куйаарга илдьэ барбыта. Онно тиийэн көрбүтүм – биир дьахтар сэттэ бастаах, уон муостаах, бүүс бүтүннүүтэ Таҥараны холуннарар аатынан-суолунан бүрүллүбүт уот кыһыл кыылы миинэн олороро.

4 Дьахтар хараҥа кыһыл, сырдык уот кыһыл күндү таҥастааҕа, кыһыл көмүс, күндү таас, чөмчүүк киэргэллээҕэ, содур олоҕун бары сидьиҥэ, быртаҕа толору кутуллубут кыһыл көмүс иһитин тутан олороро;

5 сүүһүгэр «Улуу Вавилон – сир бары содурун, бары сидьиҥин ийэтэ» диэн кистэлэҥ суолталаах аат суруллан сылдьара.

6 Көрдөхпүнэ, дьахтар сибэтиэйдэр уонна Иисус кэрэһиттэрин хааннарын иһэн итирбит этэ. Кинини көрөн мин бэри диэн бэркиһээбитим.

7 «Тоҕо дьиктиргиигин? – диэбитэ Аанньал. – Мин эйиэхэ ити дьахтар уонна кини миинэ сылдьар сэттэ төбөлөөх, уон муостаах кыылын кистэлэҥин этиэм.

8 Бу көрбүт кыылыҥ баар этэ гынан баран, билигин суох, онтон кэлин түгэҕэ биллибэт аҥхайтан тахсан өлөр өлүүгэ барыаҕа; ааттара-суоллара аан дойду саҕаланыаҕыттан ыла Олох Кинигэтигэр суруллубатах сир олохтоохторо бу кыылы көрөн сөҕүөхтэрэ. Бу баар буола сылдьыбыт кыыл билигин суох эрээри, эмиэ кэлиэхтээх.

9 Бу маны өйдүүргэ муударай өй ирдэнэр. Сэттэ төбө ити дьахтар олорор сэттэ булгунньаҕын,

10 ону тэҥэ сэттэ ыраахтааҕыны көрдөрөр; олортон биэс ыраахтааҕыта суулбута, биирэ баар, атына өссө кэлэ илик, оттон кэллэҕинэ да, уһаабат.

11 Баар буола сылдьан баран, суох буолбут кыыл – ахсыс ыраахтааҕы, сэттэттэн биирдэстэрэ, кини өлөр өлүүгэ баран иһэр.

12 Оттон көрбүт уон муоһуҥ – былааһын өссө тута илик уон ыраахтааҕы; бу ыраахтааҕыларга кыылы кытта бииргэ биир чаас устата баһылыыр-көһүлүүр былаас бэриллиэҕэ.

13 Бу бары биир соруктаах-сыаллаах ыраахтааҕылар буолан, күүстэрин-былаастарын барытын кыылга туран биэриэхтэрэ.

14 Кинилэр Бараан Оҕотун утары охсуһуохтара эрээри, Бараан Оҕото – тойоттор Тойонноро, ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара – кинилэри кыайыаҕа. Таҥара талан ыҥырбыт эрэллээх дьоно Кинини кытта бииргэ сылдьыахтара».

15 Итиэннэ өссө эппитэ: «Эн көрбүт улахан ууҥ, ити содур дьахтар олорор уута, норуоттары, көй дьону, омуктары, араас тылы көрдөрөр.

16 Оттон кыыл төбөтүгэр көрбүт уон муоһуҥ ити содур дьахтары абааһы көрөн туруохтара, барытын бары кураанахтаан-эһэн баран бэйэтин сыгынньах хаалларыахтара, итиэннэ этин-сиинин мэҥиэстэн баран, уокка уматыахтара.

17 Таҥара, Бэйэтин көҥүлүн толортороору, кинилэргэ итинник биир өйү-санааны үөскэппит буолан, кинилэр, Таҥара эппит тыла туолуор диэри, былаастарын кыылга туран биэрбиттэрэ.

18 Оттон ити көрбүт дьахтарыҥ – сир ыраахтааҕыларын баһылаан олорор улуу куорат».

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan