Аман өһө 8 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэДириҥ муударас ыҥырыыта 1 Истиҥ эрэ, Дириҥ муударас ыҥырар саҥата иһиллэр, кини оттомноох куолаһа эҥсиллэр буолбатах дуо? 2 Айан суолун үрдүнэн томтор оройугар ыттан, арыт икки суол быһа охсуһуутугар тиийэн, 3 арыт куорат олбуорун айаҕар – тастан киирэ түһүүгэ кэлэн – кини ааһан иһээччилэргэ амалыйар: 4 «Мин эһигини бар дьону ыҥырабын, эһиэхэ киһи аймахха туһулаан этэбин! 5 Кэнэннэр, мындыр буола үөрэниҥ, тутах өйдөөхтөр, тобуллаҕас толкуйданыҥ! 6 Истиҥ мин дьоһуннаах суоллары этэрбин: мин эһиэхэ кырдьыгы эрэ биллэрэбин, 7 дьиҥи эрэ иһитиннэрэбин эбээт, албын-көлдьүн тылтан сиргэнэбин. 8 Онон мин этэрим барыта кырдьыктаах – албыны-түөкэйи, сымыйаны саҥарбаппын. 9 Өйдөөх киһи истэригэр, мин этэрим барыта дьэҥкэ, билиилээх киһиэхэ – барыта тиийимтиэ. 10 Эһиги мин үөрэтэр үөрэхпин үрүҥ көмүстээҕэр өрө тутуҥ, мин биэрэр билиибин ыраас кыһыл көмүстээҕэр ордоруҥ. 11 Муударас – ханнык да бэйэлээх эриэккэс таастааҕар күндү; бу дойдуга эһиги баҕара саныыргытыттан киниэхэ тэҥнэһэр кыахтаах суох. 12 Мин, Дириҥ муударас, мындыр өйү кытта бииргэ олоробун, бигэ билии, олохтоох толкуй эмиэ миэхэ бааллар. 13 Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – кири-дьайы абааһы көрүү. Улаханнык сананыы, бэрдимсийии, мөкү суол-иис, албын-көлдьүн тыл – бу барыта мин абааһы көрөр суолум. 14 Миэхэ баар сүбэ-ама, миэхэ баар ситиһии, мин өркөн өйбүн, бар дьоҥҥо күүһү-уоҕу эмиэ мин биэрэбин. 15 Мин көмөбүнэн ыраахтааҕылар ыраахтааҕылыыллар, баһылыктар кырдьыктаах сокуоннары таһаараллар, 16 бары норуоттар сирдьиттэрэ, кинээстэр, сир судьуйалара бука бары мин көмөбүнэн салайаллар. 17 Миигин таптыыр киһини мин эмиэ таптыыбын; ким миигин дьулуһан туран көрдүүр, ол булуоҕа. 18 Баай-дуол, үтүө аат-суол, уостубат уйгу быйаҥ уонна көнө дьүүл – барыта миэхэ баар. 19 Мин бэлэҕим кыһыл көмүстээҕэр, тоҥ көмүстээҕэр да, ордук, мин ыраас үрүҥ көмүстээҕэр күндүбүн. 20-21 Миигин таптааччылары байытан биэрэр, кинилэр күндү баайдарын толоро турар туһугар, мин кырдьык аартыгынан сылдьабын, көнө дьүүл суолун тутуһабын. 22 Айыы Тойон аан бастаан, атын тугу да айыан иннинэ, айанын аартыгар миигин туруорбута. 23 Мин үллэр үйэлэр иннилэринэ, былыр-былыр, аан дойду айыллыан инниттэн баар буолбутум, 24 улаҕатын урсуна көстүбэт улуу байҕал, устата-туората биллибэт уу төрдө үөскүөн иннинэ төрөөбүтүм. 25 Ол саҕана өссө ханнык да таас хайа, ханнык да буор булгунньах оҥоһулла илигэ, 26 сир-дойду кэтит киэбэ, киэҥ сыһыылар, бэл диэтэр, биир ытыс буор кытта айылла иликтэрэ. 27 Айыы Тойон халлааннары бэлэмнииригэр онно мин эмиэ баарым; Кини киэҥ далайы кырыйа саҕах иитин чэрчилии тардарыгар, 28 халҕаһа былыттары кыраман үрдүккэ өрө үтэйэн таһаарарыгар, улуу муоралары угуттуур уу төрдүн аһарыгар, 29 ыйбыппын аһара диэлийбэтин диэн, байҕал кытылын бэлиэтээн биэрэригэр, сир акылаатын түһэрэригэр – 30 мин, мындыр маастар курдук, Айыы Тойоннуун бииргэ сылдьарым, Кинини күннэтэ үөрдэрим; Айыы Тойонум иннигэр мин үөрэр-көтөр эрэ этим – 31 Кини сирин эйгэтин көрөн өрө көтөҕүллэрим, киһи аймаҕы анааран өрөгөйдүүр буоларым. 32 Дьэ онон, оҕолоруом, миигин истиҥ: ким мин суолбун тутуһар, ол дьоллоох. 33 Эһиги мин үөрэтэрбин ылынан, муударай дьон буолуҥ, эппиппин барытын бигэтик тутуһуҥ. 34 Ким күннэтэ мин олбуорум айаҕар кэлэн турар, мин олорор дьиэм ааныттан хараҕын араарбакка, миигин өйдөөн-дьүүллээн истэр, ол дьоллоох. 35 Тоҕо диэтэххэ, миигин булар киһи олоҕу булар, Айыы Тойон илгэлээх үтүөтүгэр тиксэр. 36 Оттон ким миигин утарар, ол бэйэтигэр куһаҕаны оҥостор; ким миигин абааһы көрөр, ол өлөр өлүүнү таптыыр». |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia