2 Фессалоника христианнарыгар 3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэБиһиги туспутугар үҥүҥ 1-2 Онон, бырааттарбыт, Айыы Тойон тыла манна эмиэ эһиэхэ курдук тарҕанарын, айхалланарын туһугар, биһиги хара санаалаах, уодаһыннаах дьонтон быыһанарбыт туһугар, үҥэ сылдьыҥ; итэҕэл киһиэхэ эрэ барытыгар баар буолбатах. 3 Ол гынан баран Айыы Тойон эрэбил: Кини эһигини бөҕөргөтөн, хара дьайдаахтан көмүскүөҕэ. 4 Тугу соруйбуппутун толороллор уонна толоруохтара да диэн, биһиги эһиэхэ Айыы Тойоммут иннигэр эрэллээхпит. 5 Айыы Тойон эһиги өйгүтүн-санааҕытын барытын Таҥара тапталыгар, Христос тулууругар салайыахтын. Сүрэҕэ суох буолууттан сэрэтии 6 Бырааттарым, эһигини Айыы Тойон Иисус Христос аатыттан модьуйабыт: най баран иллэҥ сылдьар, биһигиттэн ылыммыт үөрэхтэрин тутуспат бырааттартан тэйэ туттуҥ. 7 Биһиги холобурбутун хайдах батыһыахтааххытын билэҕит. Эһиэхэ эрдэхпитинэ, биһиги хаһан да иллэҥ сылдьыбатахпыт, 8 ким да килиэбин босхо сиэбэтэхпит, хайаҕытыгар да сүгэһэр буолбат туһугар түүннэри-күннэри үлэлиирбит. 9 Ол көмө эрэйэр бырааба суохпутуттан буолбакка, эһиэхэ холобур буолаары, оннук олорбуппут. 10 Урут эһиэхэ да сылдьан этэрбит, билигин да этэбит: ким үлэлиэн баҕарбат – аһаабатын. 11 Ол эрээри эһиги ортоҕутугар тугу да гыммат, кураанаҕынан сүпсүгүрэр эрэ иллэҥ дьон бааллар эбит. 12 Оннуктары сиир килиэптэрин чуумпутук үлэлээн булуналларыгар Айыы Тойон Иисус Христос аатынан модьуйабыт. 13 Оттон эһиги, бырааттарбыт, үтүөнү оҥорортон сылайымаҥ. 14 Бу суруйбуппутун истибэт киһини болҕомтоҕо ылыҥ уонна, кыбыстарын туһугар, кинини кытта алтыһымаҥ; 15 ол эрээри өстөөххө холоомоҥ, бырааккытын өйдөтөрдүү сэрэтиҥ. Түмүк тыл 16 Эйэ-ил Айыы Тойоно Бэйэтинэн эһиэхэ өрүүтүн туохха барытыгар эйэни биэриэхтин. Айыы Тойон эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун! 17 Мин, Павел, бу эҕэрдэбин бэйэм суруйабын. Бу хас биирдии сурукпар бэлиэм буолар: 18 Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эһигинниин барыгытыныын эҥээрдэһиэхтин. Аминь. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia