Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -

1 Петр 5 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Таҥара норуотугар кыһамньы

1 Эһиги пресвитердэргититтэн, мин бэйэм эмиэ пресвитер, Христос тулуйбут эрэйин-муҥун туоһута, субу көстүөхтээх кэрэмэн килбиэҥҥэ бииргэ тиксиэхтээҕим быһыытынан, көрдөһөбүн:

2 Таҥара эһиги көрүүгүтүгэр-харайыыгытыгар туттарбыт бараанын үөрүн күһэлэҥ кыһайыытынан буолбакка, Таҥараны үөрдэрдии, бэйэҕит үтүө баҕаҕытыттан, барыстанар сааттаах санааттан буолбакка, ис сүрэххититтэн көрүҥ-истиҥ.

3 Эһиги харалтаҕытыгар бэриллибит үөргэ тойорҕообокко, бэйэҕитинэн туохха барытыгар холобур буолуҥ.

4 Дьэ оччоҕо Үрдүкү Маныыһыт тиийэн кэллэҕинэ, эһиги албан аат кэхтибэт мэнньиэһин кэтиэххит.

5 Эһиги, эдэрдэр эмиэ, пресвитердэргит тылларын истиҥ. Бука бары бэйэ-бэйэҕитигэр бас бэринэр сытыары майгылаах сэмэй буолуҥ, тоҕо диэтэххэ, «Таҥара үрдүктүк сананааччыларга утарылаһар, оттон сэмэйдэргэ үтүөтүк сыһыаннаһар».

6 Онон кэмэ кэллэҕинэ Таҥара эһигини үрдүктүк тутарын туһугар, Киниэхэ улгумнук бас бэриниҥ.

7 Кини эһиги тускутугар кыһаллар, онон туох баар кыһалҕаҕытын барытын Киниэхэ сүктэриҥ.

8 Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.

9 Биир итэҕэллээх бырааттаргыт аан дойду үрдүнэн эмиэ маннык эрэйи көрсөллөрүн билэн туран, киниэхэ, адьарайга, бигэ итэҕэлгитинэн утарылаһыҥ.

10 Биһигини, Христос Иисуһу итэҕэйбиттэри, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара – бары илгэлээх үтүөнү Биэрээччи – эһигини, быстах кэмҥэ эрэйдэммиккит кэннэ, Бэйэтинэн эҥкилэ суох гынан бөҕөргөтүөхтүн, күүс-сэниэ киллэрэн халбаҥнаабат оҥоруохтун.

11 Киниэхэ үйэттэн үйэлэр тухары албан аат буолуохтун, Кини былааһа туругура туруохтун! Аминь.

12 Бу кылгас сурукпун эһигини бөҕөргөтөөрү, манна эппитим барыта Таҥара дьиҥ илгэлээх үтүөтэ буоларын бигэргэтээри, бэриниилээх диэн эрэнэр киһим, бырааккыт Силуан, көмөтүнэн суруйдум. Онон маны бигэтик тутуһуҥ.

13 Эмиэ эһиги курдук талыллыбыт Вавилоннааҕы балтыгыт уонна уолум Марк эһиэхэ эҕэрдэ ыыталлар.

14 Бэйэ-бэйэҕитин таптал уураһыытынан эҕэрдэлэһиҥ. Эһигинниин, Христос Иисустуун биир буолбуттардыын бука барыгытыныын, эйэ эҥээрдэһиэхтин. Аминь.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
Lean sinn:



Sanasan